Ааспыт сууккаҕа Үөһээ Дьааҥы улууһугар 10 га иэннээх биир ойуур баһаарын умуруордулар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, ыам ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ биллэриллибитэ.
СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан, бэс ыйын 5 күнүттэн Саха Сиригэр ураты баһаарынай эрэсиим олохтоммута.
Маны сэргэ, Үөһээ Дьааҥы, Уус Алдан уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар, итиэннэ Жатайга территориальнай ураты баһаарынай эрэсиим киирбитэ.
Ойуур баһаарын булар түгэҥҥэ Ойуур харыстабылын быһа төлөпүөнүгэр эрийиҥ: 8-800-100-94-00
Иһитиннэрии уонна хаартыска: https://t.me/ecoyakutia
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
