202-с түөлбэ «1000 тиэргэн» бырагыраамаҕа киирэн, хаһан тупсарыы үлэтэ ыытылларын ыйыттылар. Сөтүөлүүр сиртэн «Паруска» диэри өрүс кытылыгар сайын быыл, кумах бурҕайа сытарын хаһан аспааллыылларын, ыскамыайка, банаар туруоралларын күүтэллэрин биллэрдилэр.
Отчуокка Губинскай уокурук управатын салайааччы Андрей Михайлов хамаандатын кытта кэлэн, дьокутааттары кытары ыйытыыларга хоруйдаатылар. Түмүккэ олохтоохтор дьокутааттар үлэлэрин биһирииллэрин, араас боппуруоһу быһаарарга кинилэргэ махтаналларын биллэрдилэр.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
