Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Аан дойдуга банаан атыыта лаппа кыччыаҕа диэн El Comercio сабаҕалыыр. Ол банаан фруктаны үүннэрэн, аан дойду араас муннуктарыгар тиэрдэр Эквадорга Сангай вулкан эстибититтэн төрүөттээх буолуон сөп.

Аан дойдуга банаан атыыта лаппа кыччыаҕа диэн El Comercio сабаҕалыыр. Ол банаан фруктаны үүннэрэн, аан дойду араас муннуктарыгар тиэрдэр Эквадорга Сангай вулкан эстибититтэн төрүөттээх буолуон сөп.

Ол курдук, урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ, быйыл үүнүү 30% түһүөн сөп. Ол балтараа мөллүйүөн хоруопкаҕа тэҥнэһэр. Вулкан эстибитигэр ыһыллыбыт күл 89 тыһыынча гектар банаан үүннэриллэр сирин буортулаабыт.  

Сангай вулкан балаҕан ыйын 20 күнүгэр эстибит, буруота 10 км үөһээ диэри өрө тахсыбыт. Күлүнэн Боливар, Гуайяс, Лос-Риос уонна Чимборасо нэһилиэнньэлээх пууннар бүрүллүбүттэр. Санатар буоллахха, Эквадор банааны үүннэрэн эргинэр биир саамай улахан дойду.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0