Кирилл Егорович Павлов 1926 с. бэс ыйын 3 күнүгэр Бүлүү оройуонун Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕалара эрдэ өлөн, ийэлэрэ Анастасия Руфовна үс уолун бэйэтэ иитэн улаатыннарбыта.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланарыгар Кирилл Павлов Бүлүү куоратын баасабай оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччитэ этэ. Үөрэх туйгуна, бастыҥ ыспарсымыан, холобурга сылдьар хомсомуол уолчаан сэттэ кылаас кэнниттэн Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1944 с. бэс ыйын 3 күнүгэр бэбиэскэ тутан, аармыйаҕа барбыта. Забайкальетаҕы фронт байыаннай чааһыгар бүлүмүөччүгүнэн сулууспалаабыта. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарар-иҥэрэр, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, туйгун бэрээдэктээх байыас рота комсорунан талыллыбыта.
Дьоппуон милитаристарын утары сэрии кэнниттэн Кыайыы көтөллөнөн, дойдутугар 1945 с. эргиллэн кэлбитэ, оройуон салалтата ханна аныырынан үлэлээбитэ. Ол курдук, хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтигэр сэкэритээринэн, хомуньуус баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтигэр пропагандиһынан, отдел сэбиэдиссэйинэн, иккис сэкирэтээринэн, 1965-1982 сс. оройуон ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Чиэһинэй хомуньуус, дьоҕурдаах тэрийээччи, кэскили көрөн үлэлиир, боростуой үлэ дьонун сыаналыыр мындыр салайааччы Кирилл Егорович Павлов биир дойдулаахтарын итэҕэлин ылан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан үс ыҥырыыга (1970-1985) талыллан, бүддьүөт-былаан сис кэмитиэтин 12 сыл салайбыта (оччолорго кэмитиэт бэрэссэдээтэллэрэ тустаах үлэлэриттэн босхоломмот этилэр). 1982-1988 сс. Үрдүкү Сэбиэт Президиумун сис кэмитиэттэри кытары үлэҕэ отделын салайбыта.
Салгыытын сиһилии хаһыакка ааҕыаххыт.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


