Өймөкөөн, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүө. Этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн +14…+19°C, халлаан ырааһырдаҕына уонна хотугулуу-илин +8…+13°C, хотугулуу-арҕаа +2…+7°C сылыйар. Күнүһүн +22…+27°C, ардахха уонна хотугулуу-илин +17…+22°C, хотугулуу-арҕаа +27…+32°C, хоту +7…+12°C. буолуо.
Дьокуускайга ардыа суоҕа, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-4 м түргэннээхтик тыалырыа. Күнүһүн +23,+25 С сылыйар.
-
3
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

