Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Бу күннэргэ Красноярскайга төрүт олохтоох омуктар норуоттар икки ардыларынааҕы Пуорумнарын чэрчитинэн «Аҕыйах ахсаннаах омуктар бырааптарын мэктиэлээһинин хааччыйыы билиҥҥитэ уонна сарсыҥҥыта» панельнай кэпсэтии (дискуссия) ыытылынна.

Бу күннэргэ Красноярскайга төрүт олохтоох омуктар норуоттар икки ардыларынааҕы Пуорумнарын чэрчитинэн «Аҕыйах ахсаннаах омуктар бырааптарын мэктиэлээһинин хааччыйыы билиҥҥитэ уонна сарсыҥҥыта» панельнай кэпсэтии (дискуссия) ыытылынна.

Былаас уорганнарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна урбаан бэрэстэбиитэллэрэ үгэс буолбут дьарыктары харыстааһын уонна төрүт олохтоох омуктары өйөөһүн  быраап өттүнэн көмүскэллээх буолууларын мэхэньиисимин дьүүллэстилэр.

Кэпсэтиини иилээн ыытааччы – ХНТ төрүт олохтоох омуктар бырааптарын Эспиэртиир мэхэньиисимин чилиэнэ Антонина Горбунова   Арассыыйаҕа төрүт олохтоох омуктар 28 эрэгийиэҥҥэ олороллорун этэн туран, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ кинилэр бырааптарын сүрүннүүргэ сокуону оҥорууга туспа, анал көрүү баарын бэлиэтээтэ.   

 Бу тиэмэни салҕаан Красноярскай кыраай уонна Саха Сирин бэрэстэбиитэллэрэ тыл эттилэр, балаһыанньаны билиһиннэрдилэр диэн “Парламентская газета” МАХ-ханаалыгар суруйар. Ол курдук Красноярскай кыраай Законодательнай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Свиридов   кыраай төрүт олохтоох омуктар бырааптарын сокуон өттүнэн көмүскүүргэ хайдах, туох үлэ ыытылла турарын кэпсээтэ. Эрэгийиэн бу омуктары өйүүр соруктаах быраап баазатын сайыннарарын, онно ордук улахан болҕомтону төрүт олохтоох омуктар уопсастыбаларын кытта ситимнээх үлэҕэ уурарын бэлиэтээтэ. 

02 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Оттон СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хотугу сир төрүт олохтоох  аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева быраабы сүрүннээһиҥҥэ баар кыһалҕалары билиһиннэрдэ. Холобура, төрүт олохтоох омуктар общиналар тыа хаһаайыстыбатыгар уонна урбааҥҥа баар бырагыраамаларынан өйөбүлү ылар кыахтара суоҕун улахан кыһалҕа быһыытынан сыаналаата.  Дьокутаат төрүт дьарыктар туһунан кэпсииригэр, табаһыттар дьиҥинэн бу сири иччилээн, харыстаан сылдьар дьон буолалларын, уопсайынан көрдөххө, уһук хоту сиргэ судаарыстыбаннай кыраныыссаны маныылларын, араҥаччылыылларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.   

 055 copy copy

Красноярскай кыраай төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар бырааптарыгар Боломуочунайа Григорий Дюкарев судаарыстыба уонна урбаан икки ардыларыгар үлэни ордук хото быһаарда. Кини этэринэн, утумнаах кэпсэтии, сибээс олохтонноҕуна эрэ идиэйэлэр киирэллэр, сөптөөх этиилэр оҥоһуллалар, олору кэлин сокуон көҕүлээһинигэр төрүт буолаллар. 

07 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

04 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Түмүккэ кэпсэтии кыттыылаахтара  төрүт олохтоох омуктар бырааптарын мэктиэлээһиҥҥэ көдьүүстээх ситимнээх үлэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтилэр. Онно чопчу сир-уот, дьон-сэргэ олоҕун уратытын учуоттуохтаахтар, оччоҕо эрэ судаарыстыба, төрүт олохтоох омуктар уонна урбаан интэриэстэрэ сөп түбэсиһиэхтэрэ диэн быһаардылар.

Хаартыскалар «Парламентская газета» МАХ-ханаалыттан  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0