Маннык дьаһал куттал суох буолуутун ирдэбилигэр олоҕуран ылылынна. Чопчу болдьоҕун уонна хайдах пуорманан ыытылларын бу субьектар быыбардыыр хамыыһыйалара быһаараллар. Сүрүннээн быыбар болдьоҕун 20 хонук иннинэ - атырдьах ыйын 28 күнүттэн балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах.
РФ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Элла Памфилова иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэннээҕи быыбардыыр хамыыһыйалар быһаарыыларынан ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ куоластааһыны ыытыы ураты бэрээдэгэ көрүллэн турар. Ол иһигэр ыраах устууга сылдьар суудуналарга. Бу сирдэргэ атырдьах ыйын 30 күнүттэн балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри эрдэ куоластыахха сөп. Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ санаппытынан маннык сирдэр дойду 89 эрэгийиэниттэн 37-гэр бааллар. Сорох эрэгийиэннэр эрдэ куоластааһын болдьоҕун чопчулаан, Магадаан, Архангельскай уобаластар ыраах сиргэ олорооччулара атырдьах ыйын 30-тан балаҕан ыйын 17-гэр диэри, оттон Красноярскай кыраай, Ханты-Манси, Ямал-Ненец аптаныамынай уокуруктар, Бүрээтийэ сорох быыбардааччылара балаҕан ыйын 3-тэн 17-гэр диэри куоластыахтара. Тюмень уобалаһыгар балаҕан ыйын 12-17 күннэригэр, Камчааткаҕа уста сылдьар суудуналар экипажтара, Хабаровскай кыраайга атырдьах ыйын 30-тан балаҕан ыйын 16-гар диэри быыбардыыр бырааптарын туһаныахтарын сөп.
Хаартыска© Сергей Карпухин/ ТАСС
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0












