Сөбүгэр соҕус тыаллаах буолуо, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 түргэннээхтик тыалырыа. Хотугулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 15-18 м, Булуҥ, Анаабыр оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 м, кытылга сорох сиринэн 29-34 м тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн 0, −5°С, арҕаа +2…+7°С, хотугулуу-илин хайалаах сирдэргэ −8…−13°С. буолар. Күнүһүн +8…+13°С, Аартыка кытылыгар, хотугулуу-арҕаа +1…+6°С. сылыйар.
Дьокуускайга түүнүн сорох быстахтык ардыаҕа. Күнүһүн ардыа, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Салгын температурата түүнүн−1…+1°С, күнүһүн +9…+11°С. буолар.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















