Күнүс соҕуруу өттүгэр сорох сиринэн сөбүгэр ардыаҕа. Хоту уонна Халыма-Индигиир улуустарыгар сөҥүүтэ суох. Сөбүгэр соҕус тыаллаах буолуо, арҕаа, соҕуруу өттүгэр сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээхтик, Аартыка кытылыгар сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 түргэннээхтик тыалырыа. Салгын температурата түүнүн 0, −5°С, халлаан халыннаҕына −7...−12°С., күнүһүн −1...+4°С, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, Халыма диэки +4...+9°С. буолар.
Дьокуускайга түүнүн кыратык инчэҕэй хаардыа, күнүһүн сөҥүүтэ суох. Тыал хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээхтик тыалырыа. Салгын температурата түүнүн −3...−5°С., күнүһүн +3...+5°С буолар.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















