Сөбүгэр соҕус тыаллаах буолар, сорох сиргэ сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээхтик тыалырыа. Аартыка кытылынан түүнүн сөкүүндэҕэ 8-23 м, күнүһүн сөкүүндэҕэ 16-21 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Салгын температурата түүнүн -5-10°С, халлаан халыннаҕына -15-20°С, хотугулуу-илин сорох сиринэн -20-25°С, күнүһүн 0,+5°С, соҕуруулуу-арҕаа +3+8°С, хотугулуу-илин -2-7°С. буолар.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, суолга халтараан буолар. Арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м түргэннээхтик тыалырыа. Салгын температурата түүнүн -7-9°С, күнүһүн +1+3°С буолар.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна..
-
0
-
0
-
0
-
1
-
0
-
0















