Биллэрин курдук, пленарнай мунньах сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон бырайыагын, ону тэҥэ Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын территориальнай пуондатын (ТФОМС) бүддьүөтүн бырайыагын иккис уонна бүтэһик ааҕыыга көрүү буолуоҕа.
Иккис ааҕыыга диэри парламент кэмитиэттэрэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытта ороскуот ыстатыйаларын тэҥнээһиҥҥэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыыттылар. Федеральнай бүддьүөттэн эбии дохуоттар учуоттаналлар, бэйэ нолуогунан уонна нолуок буолбатах дохуоттара чуолкайданаллар, ону тэҥэ сүрүн судаарыстыбаннай бырагыраамалары — тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүнү, чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыны, авиабилиэт субсидиялааһынын, хомунаалынай комплексы уонна социальнай төлөбүрдэри — үбүлээһиҥҥэ үп тыырыллар.
Пленарнай мунньахха бүддьүөт салаатынан дакылааттары Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев оҥоруоҕа. Ону тэҥэ парламентарийдар бүддьүөт тутулун туһунан сокуоҥҥа уонна бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылары сүрүннүүр эйгэ сокуоннарыгар уларытыылары көрүөхтэрэ.
Мунньах бэбиэскэтигэр ону тэҥэ дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытын, балыктааһын уонна айылҕаны үгэс быһыытынан туһаныы эйгэлэрин, суол үлэтин, куораты тутуу бэлиитикэтин уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин эбийиэктэрин харыстааһыны сүрүннүүр сокуон бырайыактара киирдилэр.
Бэбиэскэ улахан аҥаара социальнай хайысхалаах сокуон бырайыактарыгар ананна.
Психологическай көмө: Иккис ааҕыыга норуот дьокутаата Александр Подголов уонна дьокутааттар бөлөхтөрө көҕүлээбит «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэҕэ психологическай көмөнү оҥоруу туһунан» сүрүн сокуон бырайыага бэлэмнэннэ. Докумуон олохтоохтору, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кэлим психологическай өйөөһүн тиһигин бигэргэтэр.
Оҕолору харыстааһын: Бастакы ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ Борокуруорун көҕүлээһининэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уматык-оҕунуох матырыйаалларын (ГСМ) атыылааһыны хааччахтыыр туһунан сокуон бырайыага көрүллүөҕэ, бу улаатан эрэр оҕолор ортолоругар токсикоманияны («сниффинг») бопсорго туһуланар. Иккис ааҕыыга наркоманияны уонна токсикоманияны сэрэтии, ону тэҥэ оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын бөҕөргөтүүнү тэрийии туһунан сокуоннарга уларытыылары көрүөхтэрэ.
Тулаайах оҕолору өйөөһүн уонна олорор дьиэнэн хааччыйыы мэктиэлэрэ: Дьокутааттар бастакы ааҕыыга тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы туһунан сокуоҥҥа көннөрүүлэри, оттон иккис ааҕыыга социальнай наймынан олорор дьиэҕэ наадыйар кыаммат кыраасданнары учуоттааһын бэрээдэгэр уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы бэрээдэгэр уларытыылары көрүөхтэрэ.
- Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үлэнэн хааччыйыы: Парламент анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэҕэ ыларга булгуччулаах кубуоталары олохтуур туһунан федеральнай сокуону өйүүр уураах бырайыагын көрүөҕэ.
Өрөспүүбүлүкэ парламена РФ Бырабыыталыстыбатын аадырыһыгар хотугу уонна Аартыка улуустарын олохтоохторун бырааптарын көмүскүүр икки стратегическай этиини ыытарга сорунар.
Олохтоох авиариэйстэри кыттыһан үбүлээһин: Ил Түмэн федеральнай киини Арктика зонатыгар 600 км уонна онтон ордук уһуннаах маршрууттарга эрэгийиэн иһинээҕи авиаэриэйстэри кыттыһан үбүлээһин быраабылаларын бигэргэтэргэ ыҥырар, бу ыраах оройуоннар олохтоохторугар пассажирскай тарыыптары икки төгүл намтатарга кыах биэриэҕэ.
ИДьМ үлэһиттэригэр сулууспа бастакы күнүттэн хотугу эбиликтэр: Парламентарийдар Уһук Хоту оройуоннарыгар сулууспалыыр Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэригэр, өскөтүн кинилэр эрэгийиэҥҥэ биэс сылтан итэҕэһэ суох кэм устата бастайааннай олорбут буоллахтарына, үлэлэрин бастакы күнүттэн харчынан хааччыллыыларыгар бырыһыаннаах эбии төлөбүрдэри төлүүргэ этии киллэрэллэр. Бу быһаарыы Саха сирин быраабы харыстыыр уорганнарыгар олохтоох каадырдары олохсутууга туһуланар.
Сиэссийэ кэмигэр дуоһунастарга анааһыҥҥа анал быһаарыыны ылыныахтара — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай балаататын бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар биэдэмистибэ билиҥҥи салайааччыта Алена Федорованы аныыр туһунан уураах бырайыагын көрүөхтэрэ, кини кандидатуратын өрөспүүбүлүкэ Баһылыга киллэрбитэ уонна бу иннинэ РФ Счетнай балаататын Квалификационнай хамыыһыйатыгар сөбүлэһиннэриини ааспыта.
Маны таһынан бэбиэскэҕэ Усуйаана оройуонун 33 №-дээх суут учаастагын мировой судьуйатын талыы туһунан боппуруос киллэрилиннэ. Мунньах бэбиэскэтин кытта сигэнэн билсиэххэ сөп.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Хаартыскалар Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

