Суукка быһаарыллыбытынан, эр киһи быйыл ыам ыйын 10 күнүгэр киэһэ, урут итирик туруктаах уруулга олорбутун иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыбытын үрдүнэн, билэр киһитин «Toyota Crown» мааркалаах массыынатын итирик туруктаах ыыппыт.
Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы ирдэбилин учуоттаан, эр киһини 9 ый болдьоххо көҥүлүн, ону тэҥэ 2 сылга массыынаны ыытар быраабын быһарга бириигэбэрдээтэ.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
Хаартыска СӨ Борокуратууратын МАХ-канаалыттан ылынна.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
