“2020 сылга биһиги министиэристибэбит IT-кииннэри арыйыыга куонкурус биллэрбитэ. Ол онтон 14 сайаапканы сэттэ улуус кыайда. Бу улуустарга биир мөлүөн суумаҕа миэбэл уонна цифровой техника биэрэбит. “Саха сирэ” технопарк сүбэнэн-аманан көмөлөһүөҕэ”, -- диэтэ.
Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2024 сылга диэри уопсайа 17 ороуоннааҕы IT-киин аһыллыахтаах. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа алта IT-киин аһыллан үлэлиир. Бу сыл бүтүөр диэри өссө икки киин аһыллара былааннанар.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















