Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сокуон нуормаларыгар сөп түбэһиннэрэн, кэлэр сылга бары биэнсийэлэр уонна социальнай төлөбүрдэр индексацияланыахтара. Биэнсийэлээх дьоҥҥо уонна оҕоломмут ийэлэргэ үүнэр 2021 сылга төһө-хачча көмө оҥоһуллуоҕун Арассыыйа биэнсийэтин пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Михайлович Степанов маннык билиһиннэрдэ.

Бастакы индексация тохсунньу 1 күнүттэн оҥоһуллуо – үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ барыларыгар страховой биэнсийэлэрэ 6,3 бырыһыанынан үрдэтиллиэ. Үрдэтии кээмэйэ, өрүү буоларын курдук, тус-туһунан гынан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ ортотунан 1442 солкуобай буолуоҕа.

Олунньу 1 күнүттэн биир кэмнээх харчынан төлөбүр (ЕДВ) кээмэйэ 3,8 бырыһыан үрдэтиллэрэ сабаҕаланар. Индексация бүтэһиктээх кээмэйэ сыл түмүгүнэн 2020 сылга инфляция таһымыттан таһааран чопчуланыа, онон эрдэ сабаҕаламмыттан үрдүк буолуон сөп.

Муус устар 1 күнүттэн бары социальнай төлөбүрдэр, дойду үрдүнэн 2020 сылга биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйэ төһө үрдээбититтэн таһааран, индексацияланыахтара. Ол быһа холоон, 2,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэ.

Сокуонунан ийэ хапытаалын саҥа кээмэйэ 2021 сылтан маннык быһылынна: маҥнайгы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) 483 881,83 солкуобай, иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) уонна дьиэ кэргэн эрдэ ийэ хапытаалын ылбатах буоллаҕына – 639 431,83 солкуобай.

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрин кээмэйэ үлэнэн хааччыйааччы 2020 сылга төлөөбүт страховой усунуоһун сууматыттан таһааран үрдэтиллиэ.

Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл тохсунньуга үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрэ 6,6 бырыһыан үрдэтиллибитэ. Олунньуттан биир кэмнээх харчынан төлөбүр 3, муус устартан социальнай биэнсийэ 6,1 бырыһыанынан үрдээбиттэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0