Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Тохсунньу 28 күнүгэр Нерюнгритааҕы ГРЭС 3 №-дээх уонна 1 №-дээх энергетическэй блоктарыгар улахан саахал тахсыбыта. Бэҕэһээҥҥи туругунан (тохсунньу 29 күнэ)  анал биригээдэлэр энергоблоктары сойутан өрөмүөнү тута саҕалаабыттара. 

Нерюнгритааҕы ГРЭС пресс-сулууспата бу сарсыарда иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 29 күнүн түүнүгэр  сөптөөх өрөмүөн ыытыллан, 1 №-дээх энергоблогу үлэлэппиттэр. Түүн 3 чаас 49 мүн. сүрүн ситимҥэ холбообуттар. Онон билигин бу энергоблок этэҥҥэ үлэлии турар. Уопуттаах исписэлиистэр кылгас кэм иһигэр саахал тахсыбыт технологическэй төрүөтүн быһаара охсон тута туораттылар. 48 чаас иһинэн саахалы туоратар биригээдэлэр  алдьаммыт оборудованиелары сойутан, хочуол туга алдьаммытын быһаара охсон өрөмүөннээтилэр. Оттон 3 №-дээх энергоблокка өрөмүөн бара турар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31