Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ Алдан уонна Кэбээйи улуустарын олохтоохторун кулун тутар бүтэһик күннэригэр айылҕаҕа тахсартан уонна айанныыртан туттуналларыгар сүбэлиир. Ити күн “Союз-2.16” улуу куйаарга көтөрө былааннанар.

“Убаастабыллаах гражданнар! Кулун тутар 25-29 күннэригэр Восточнай космодромтан аракыата көтөрө былааннанар. Аракыата тобохторо Алдан уонна Кэбээйи улуустарын сиригэр түһэллэрэ күүтүллэр. Онон нэһилиэнньэлээх пууннартан тахсыбаккытыгар уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабыт”, – диэн СМС-илдьиттэри тарҕаталлар.

Кулун тутар 25 күнүгэр Восточнай космодромтан “Союз-2.16” көтөрө былааннанар. 2020 сыл ахсынньы ыйыгар эрдэтээҕи аракыата тобохторо эмиэ Алдаҥҥа уонна Кэбээйигэ түһэллэрэ сабаҕаламмыта. Ол түмүгэр Кэбээйигэ 23 миэтэрэлээх аракыата бааҕа көстүбүтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0