Бары бу күн кулич астыыллар. Бу -- Таҥара килиэбэ. Киристиэс өлүүнү кыайбытын уонна саҥа олох түстэммитин кэрэһэлиир. Библияҕа этиллэринэн, Киристиэс суох буолбутун кэнниттэн апостоллар сүрүн туруоҥҥа киниэхэ анаан хайаан олорор сир уураллар эбит. Онно кини баарын, тыыннааҕын туоһулаан кириэс уонна Таҥара килиэбин (артос) уураллар. Дьэ мантан ыла кулич диэн ураты минньигэс килиэбит астыыр үтүө үгэс тэриллибит. Бу ураты күн хас биирдии ыал анал килиэби астаан амсайар буолбут. Бу Пасха үтүө үгэһэ тэнийдэр тэтинийэн иһэр, билигин үгүс ыал дьиэлэригэр минньигэс кулич астыыр буолла, ону кытта маҕаһыын аайы хамаҕатык атыыланар. Кулич, Таҥара килиэбэ бу хас биирдии ыалга, дьиэ кэргэҥҥэ эйэни, дьолу, үтүөнү уонна, саамай сүрүнэ, доруобуйаны түстүүр, аҕалар ураты аналлаах. Бу күн үтүө килиэби амсайбыт киһини Таҥара араҥаччылыыр, харыстыыр. Бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0