Дьэ, бу күннэргэ сылыйбытыгар, син ууллубута буолла. Даачалара үрдүк сиргэ турар дьон, арай, бу күннэргэ муоркуоптарын, сөбүөкүлэлэрин сиэмэлэрин олордон эрдэхтэрэ буолуо эрээри, оннук-айылаах сахсаан суох курдук. Онон бу күннэргэ моркуоп, сүбүөкүлэ сиэмэтин хаһан олордуохха сөбүн туһунан иһитиннэрэр буоллахха, маннык хартыына үөскүүр. Ыам ыйын 11 күнүттэн саҥа ый үүнэр, 26 күнүгэр толору ый буолар. Онон моркуобу ыам ыйын 28, 29 күннэригэр, сүбүөкүлэни – 12, 22, 23, 28, 29 күннэригэр, сельдерейи, петрушканы, укуруобу - 15, 17, 22, 25, 28, 29 күннэригэр олордор ордук. Онтон атын оҕуруот аһын бэс ыйын саҥата олордор ордуга буолуо. Дьыл лаппа хойутаан иһэрэ биллэр.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0