Оонньооботох оҕо саас
Ньукулай Дьөгүөрэбис 1931 сыллаахха күһүҥҥү добдурҕа саҕана, алтынньы 20 күнүгэр Сунтаар улууһун II Бордоҥ нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ ыанньыксыттыыра, аҕата араас үлэҕэ сылдьара. Уоттаах сэрии саҕаланыытыгар Ньукулай уон биир саастааҕа.
Куһаҕан хаһан баҕарар ханыылаах. Сэрии сыллара сут-кураан эҥээрдэммиттэрэ. Тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕатыттан дьонугар көмөлөһөөрү бэһис кылаас кэнниттэн уолчаан оскуолаттан уурайан, холкуос үлэһитэ буолбута. Фроҥҥа барбыт дьону солбуйан хаалбыт аһаах, кырдьаҕас дьону уонна дьахталлары кытары Кыайыы туһа диэн үлэлээбитэ. «Кыһыл Баһыыка» холкуос чилиэннэрэ саас ахсын бурдук ыһаллара. Оо, кыайбат-хоппот оҕо санаатыгар бааһына сирэ таастыы кытаатарын Ньукулай кырдьаҕас билигин даҕаны бу баардыы өйдүүр. Сайын дойдуга от үүммэккэ, уонча көстөөх Дьиэрбэ, Ымырда үрэхтэр бастарыгар тиийэн, ыкса күһүҥҥэ диэри оттууллара, муус турбутун кэннэ ходуу ходуйаллара. Ыраах сиртэн оту тиэйии кыайтарбатынан оттообут сирдэригэр турар маһы кэрдэн хотон тутан, пиэрмэ сүөһүтүн үүрэн илдьэн кыстаталлара. Оччотооҕу холкуос түгэҕэ көстүбэт түбүктээх үлэтин ким ааҕан ситиэ баарай?
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат, үлэһит киһи өлөн-охтон биэрбэт. Ньукулай быраатын уонна балыстарын кытары Улуу Кыайыыны көрсүбүтэ. Тойбохой интэринээтигэр олорон салгыы үөрэнэн, 1951 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ.
Уруулга 44 сыл!
Эһиилигэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Ыраах, үрэх баһа сиргэ улааппыт эдэр киһини дьылҕата Красноярскай куоракка, Арҕаа Сибиирдээҕи байыаннай уокурук киинигэр, тиэрдибитэ. Элбэх саллааттан сүүмэрдэнэн, байыаннай суоппардар оскуолаларын бүтэрбитэ.
Дьэ бу кэмтэн ыла Ньукулай Мартынов тимир көлөнү 44 сыл устата тэһииннээбитэ. 1950-с сс. тыа сиригэр массыыналар саҥа кэлэн эрэллэрэ, оттон ону сатаан ыытарын ааһан алдьаннаҕына оҥорор кыахтаах киһи олохтоохтортон суоҕун кэриэтэ этэ. Онон 1955 сыллаахха аармыйаттан үһүс кылаастаах байыаннай суоппар буолан кэлбит Николай Мартынов тута оройуон сэбиэтигэр суоппарынан үлэҕэ ылыллыбыта.
Райсэбиэт бэрэссэдээтэлэ оройуон устун үгүстүк сылдьара, оччолорго оҥоһуулаах суол диэн суоҕа, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суоллар (дьиҥинэн, хайысхалар) тыа быыһынан, бадарааннаах, дулҕалаах сирдэринэн эрийэ-буруйа бараллара. Ол эрээри Мартыынап массыыната биирдэ аккаастаан, саахалланан көрбөтөҕө. Кини массыынатын мэлдьи көрүнэ, оҥосто, арыытын кэмигэр кута сылдьара. Тимир көлөнү эҥкилэ суох баһылаабыт үрдүк кылаастаах суоппар оройуоҥҥа ананар массыыналары Улахан Невертэн эбэтэр Дьокуускайтан сүүрдэн илдьэрэ.
Күн-дьыл аллаах массыына көлөһөтүнүү түргэнник элэҥнээн ааспыта. Ньукулай Дьөгүөрэбис Сунтаар райсэбиэтигэр аҕыс сыл, Мэҥэ Хаҥалас райисполкомугар, хомуньуус баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтигэр 18 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Салгыы долгуйар Дьокуускай куоракка киирэн, бастаан баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин, онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыбатын уонна Судаарыстыбаннай Мунньаҕын автобазатыгар эмиэ 17 сыл суоппардаабыта. Итинэн аармыйатааҕы сылларын киллэрэн туран аахтахха, барыта 44 сыл устата тимир көлөнү тэһииннээбитэ! Сахаттан уруулга маннык уһуннук олорбут киһи ахсааннааҕа чахчы. Кырдьаҕас суоппар Д.Ф.Степанов, С.И.Васильев, В.К. Степанов, Р.Г.Васильев, М.Е.Попов, М.П.Габышев, И.Г.Тимофеев, Л.Н.Григорьева, И.А.Матвеев, Е.П.Уваров, Н.С.Охлопков, А.И.Чомчоев уо.д.а. курдук саха чулуу дьонун кытары алтыспытын бэрт иһирэхтик ахтар. Истиҥник саныыр саха норуодунай поэта В.М.Новиковы-Күннүк Уурастыырабы кытары бодоруспутун, кини бэлэхтээбит хаартыскатын уура сылдьар.
Сиэпкэ буолбатах, сүрэххэ
Ньукулай Дьөгүөрэбис хомсомуолун да, хомуньууһун да билиэттэрин бэркэ харыстыыр (хомсомуолга 1945 сыллаахха киирбит, 1963 сылтан хомуньуус баартыйатын чилиэнэ). Кырдьаҕас хомуньуус Арассыыйа хомуньуустарын политическай баартыйатын Саха сиринээҕи салаатын үлэтигэр-хамнаһыгар көхтөөхтүк кыттар.
– Биир сайын хомсомуолум билиэтин сүтэрэммин ууга-уокка түспүттээхпин, – диир Ньукулай Дьөгүөрэбис. – Учаастакка оттуу көһөн испэхпитинэ оҕуһум тигээйилээн, быатын быһа түһэн тыаҕа куотан, сорох малым сүтэн хаалбытын күһүн булбутум, халтаҥ сонум сиэбигэр укпут билиэтим сиигирэн түүнүгүрбүт этэ. Онно миэрэлэммэтэҕим да буоллар, бэйэм сүрдээҕин кыбыста, буруйдана санаабытым. Оччолорго хомсомуол билиэтин мэлдьи илдьэ сылдьар ирдэнэрэ, эдэр киһи дойду бастаан иһэр ыччатын кэккэтигэр баарын, олоххо холобур, үлэҕэ бастыҥ буолуохтааҕын хайа да түгэҥҥэ умнубатын диэн. Ити билиҥҥи дьоҥҥо солуута суох дуу, наһаалааһын дуу курдук иһиллиэ эрээри, оччотооҕу ыччаты бэрээдэктээх буоларга, туохха барытыгар боччумнаахтык сыһыаннаһарга эбээһинэстиирэ.
Үйэтитии – көлүөнэни ситимнээһин
Үлэ үөһүгэр, дьон-сэргэ ортотугар сылдьыбыт киһи дьарыга суох тулуйбат-тэһийбэт. Урут хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэ сылдьыбытын бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, 2000 сыллаахтан, сөргүппүт. Онуоха хаартыскаҕа түһэриинэн эрэ муҥурдамматах, аныгы технология сайдыытын ылынан, уола бэлэхтээбит «ДВДР» видео-хаамыратынан киинэҕэ устар эбит.
Бастаан дьиэ кэргэнин уонна аймахтарын устар эбит, кэлин ханна сылдьар, туох тэрээһиҥҥэ ыҥырыллар да видео-хаамыратын илдьэ барар идэлэммит. Ити курдук куорат дьаһалтатын, бэтэрээннэр сэбиэттэрин, «Көмүлүөк» кырдьаҕастар кулууптарын, «Оһуохай» уопсастыба ыытар тэрээһиннэрин, бырааһынньыктааҕы параадтары итиэннэ үөлээннээхтэрин, сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин үбүлүөйдэрин видео-киинэҕэ устан, куопуйалаан, биири бэйэтигэр хаалларар, уоннааҕытын тустаахтарга биэрэр. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин киинэ докумуоннарын судаарыстыбаннай национальнай хранилищета» судаарыстыба хааһынатын тэрилтэтэ кини устууларын бэтэрээннэри үйэтитэр матырыйаал быһыытынан, архыыбыгар ылбыт. Онон Ньукулай Дьөгүөрэбис сүүрбэччэ сыл устатыгар бу тэрилтэҕэ уонна куорат бэтэрээннэрин сэбиэтигэр уопсастыбаннай фотограф-оператор быһыытынан күннээҕи олоҕун киэргэтэр таптыыр дьарыгынан үлэлээтэ. Кини көлүөнэни ситимниир аналын дьоһуннук толорор үлэтигэр кэргэнэ, иитэр-үөрэтэр үлэ бэтэрээнэ Тамара Гаврильевна көмө-тирэх буолар.
-- Киинэлэрим баар буоланнар, сыаллаах-соруктаах уонна кэлэктииптээх курдук сананабын, – диир ытык кырдьаҕас. – Оо дьэ, үөлээннээхтэрим барахсаттар күн-түүн аҕыйаан иһээхтииллэр, ордук бу хамсык кэлэн... ол эрээри, кинилэр сырдык мөссүөннэрэ киинэ лиэнтэлэригэр син хаалла, ол туһугар кыра да буоллар, мин сырам баарыттан үөрэбин.
Ньукулай Дьөгүөрэбис уонна Тамара Гаврильевна коронавирус пандемията туруоҕуттан таһырдьа мээнэ тахсыбаттар. Дьиэлэригэр олорон, ааспыты ахтыһаллар, архыыптарын бэрийэллэр, үөлээннээхтэрин кытары төлөпүөннэһэллэр, онон уһун күнү кээрэтэллэр. Күнүс сиэннэрэ Артурчик кэлэн сэргэхситэн барар.
Раиса СИБИРЯКОВА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0