Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Ньурба куораты икки гына араарар үрэх хаатыттан тахсан эрэр. Ол туһунан Ньурба куоракка олорор блогер Олесь Петрович бэйэтин ютуб каналыгар кэпсээтэ.

Ньурба куораты икки гына араарар үрэх хаатыттан тахсан эрэр. Ол туһунан Ньурба куоракка олорор блогер Олесь Петрович бэйэтин ютуб каналыгар кэпсээтэ.

Ыам ыйын 8 күнүгэр Ньурба куораты икки микрооройуоҥҥа араарар Нюрбинка үрэх уута эбиллэн, Речниктар уулуссаларыгар баар дьиэлэри ылбыт. Бу уулуссаҕа олорор 5 ыал көһөрүллүбүт. Эмсэҕэлээбит дьон Ньурба куорат дьаһалтатыгар сурук суруйбуттарын кэнниттэн ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын үлэһиттэрэ көмөҕө кэлбиттэр. Балаһыанньа улуус дьаһалтатын хонтуруолугар ылыллыбыт. Үрэх уутун таһыма 1250 см  үрдээтэҕинэ кутталланар. Оттон ыам ыйын 9 күнүнээҕи туругунан уу таһыма  1005 см буолбут. 

Олохтоохтор этэллэринэн, бүгүҥҥү туругунан уу үрэҕи туоруур муостаҕа тиийэн анньыллан турар.  Блогер Нюрбинка үрэх халааннаабытын Бүлүү өрүс мууһа эрдэ хамсаан, Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар харыы үөскээбититтэн тахсыбыт диэн сабаҕалыыр. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением