Статистика көрдөрүүтүнэн, 389 013 киһиттэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 54 %-на эрэ вакцинация бастакы түһүмэҕин ааспыта биллэр. Улуустарынан муҥутуур бастыҥ Аллайыаха оройуона 70% нэһилиэнньэҕэ быһыыны туруорда. Медкиин кылаабынай бырааһа Римма Яковлева этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн вакцинация былаана 55% туолла, оттон Дьокуускайга - 62%.
Сиһилии #СтопКоронавирусЯкутия иһитиннэриитинэн, киин куоракка нэһилиэнньэ 55,61%-гар хамсык утары быһыыны биэрдилэр. Киин улуустар бөлөхтөрүгэр бастыҥ көрдөрүүнү Хаҥалас оройуона көрдөрдө (55,15%), оттон намыһах – Нам, Чурапчы уонна Уус-Алдан оройуоннарыгар. Соҕуруулуу-арҕаа бөлөх улуустарга Ленскэй оройуон инники сылдьар (60,22%), Нерюнгри, Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй оройуоннара хаалан иһэллэр. Илин бөлөх улуустарыгар Уус Майаҕа - 62,03% нэһилиэнньэ быһыыны ылла, Өймөкөөҥҥө — 61,60%, Томпоҕо — 53,80%.
Уустук эпидемиологическай балаһыанньа Абый, Амма, Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлөөн, Уус Алдан оройуоннарыгар бэлиэтэнэр.
Санаттахха, тас дойдуларга Pfizer/BioNTech, Moderna, AstraZeneca, Johnson & Johnson хампанньалар вакциналарын туруораллар. Оттон арассыыйа үрдүнэн 3 вакцина биэрэллэр: «Спутник V» (ол иһигэр Лайт), «ЭпиВакКорона» уонна «КовиВак».
Сэтинньи 1 күнүгэр Саха сиригэр барыта 396 742 киһи (40,4% нэһилиэнньэ, 55,3% улахан дьон) бастакы вакциналарын ыллылар, оттон 369 836 киһи (37,7% нэһилиэнньэ, 51,5% улахан дьон) быһыыны толору ылбыттара биллэр. Барыта 766 578 коронавируснай инфекцияны утары быһыы оҥоһуллубут, 20 807 киһи 6 ый кэннэ иккис быһыыларын ылбыттар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0