Социальнай өйөбүл маннык көрүҥүн 3-7 саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр ылаллар, онуоха усулуобуйата – ыйыллыбыт төлөбүрү анатыыга туруорсубут сыл иннинээҕи сыл иккис кыбаарталыгар нэһилиэнньэ биир киһитигэр айах ииттэн олоруу алын кээмэйиттэн дьиэ кэргэн биир чилиэнигэр тиксэр дохуот кыра буоллаҕына. Ити дохуот кээмэйэ хотугу уонна Арктикатааҕы оройуоннарга — 20 044 солк. (I зона) тэҥ, атыттарга – 16 780 солк. (II зона). Ол курдук, көмө кээмэйэ 1 зонаҕа 10274 солк, 2 зонаҕа 8651 солк. буолар.
СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу көмөнү 15 тыһыынча өрөспүүбүлүкэ ыала ылбыт. Ыам ыйын 20 күнүттэн 40 тыһыынча сайабылыанньа киирбит. Бэс ыйын 25 күнүнээҕи туругунан 15 тыһыынча ыалга көмө харчы анаммыт. Уопсайа 21 тыһыынча оҕо ылбыт. Көмөҕө уопсайа 781 мөл. суума ыытыллыбыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0