- Үлэтэ суохтарга уонна балтараа сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор ийэлэргэ босуобуйа кээмэйэ 49% улаатар, – диэн Социальнай пуондаҕа иһитиннэрдилэр.
Төлөбүр 2024 сылтан үрдүөҕэ. Оччотугар, балтараа сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор ийэлэргэ босуобуйа кээмэйэ ыйга 49 тыһ. солк. тахса буолуоҕа, оттон 2025 сылга суумата 66 тыһ. солк. куоһарыаҕа. Билигин балтараа сааһыгар диэри оҕону көрөн олорон үлэлээх төрөппүт босуобуйатын орто хамнаһыттан 40 %-нын ылар. Бу сылтан босуобуйа кээмэйэ 8,5 тыһ. солкуобайтан 32,3 тыһ. солк. диэри тиийэр.
Үгүс социальнай төлөбүрдэр 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн индексацияланар буоллахтарына, быйыл эрдэ эмиэ үрдүүрэ күүтүллэр. Чуолаан, атырдьах ыйын 1 күнүттэн, саҥа төлөбүрдэр биэнсийэлээхтэргэ сыһыаннаах.
Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрэ үрдүөҕэ. Ити былырыын үлэлээбит биэнсийэлээхтэргэ ананар. Юристар быһааралларынан, биэнсийэ суумата ааспыт сыллааҕы үлэ хамнаһын кээмэйиттэн уонна страховой усунуоһуттан тутулуктаах. Атыннык эттэххэ, хамнас төһө үрдүгүй да, соччонон биэнсийэ үрдүүрэ улахан. Ол эрээри, үрдэтии муҥутуур кээмэйэ биэнсийэлээх үс баалыгар тэҥнэһэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0