Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын бырайыагын РФ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлин министиэристибэтэ бэлэмнээн таһаарбыт. 2021 сылга тиийинэн олоруу кээмэйигэр тэҥнээн социальнай биэнсийэни 3,4% индексациялыахтара.

Бу уурааҕы олоххо киллэрэллэригэр федеральнай бүддьүөттэн 12,8 млрд солк. ыытыахтара. Социальнай биэнсийэни ылааччыларынан биэнсиэйэҕэ тахсалларыгар үлэлэрин ыстааһа тиийбэтэх дьон буолаллар. Уопсайа 3,9 мөл. дьон биэнсийэтэ индексацияланыаҕа.

Ол курдук, индексациялааһын кэнниттэн социальнай биэнсийэ 10183 солк. тэҥнэһиэҕэ. Оттон тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр ананар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0