Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Ытыктабыллаах Саха Сирин олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым! Эhигини ис сүрэхпиттэн Àҕа дойдуну кѳмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиибин! Бу биhиги дойдубутугар ураты суолталаах бырааhынньык. Модун санааны, хорсун быhыыны, Ийэ дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну кэрэhилиир.

Ытыктабыллаах Саха Сирин олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым! Эhигини ис сүрэхпиттэн Àҕа дойдуну кѳмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиибин! Бу биhиги дойдубутугар ураты суолталаах бырааhынньык. Модун санааны, хорсун быhыыны, Ийэ дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну кэрэhилиир.

Бу күн биhиги бары дойдубутун дьоруойдуу кѳмүскээччилэргэ ытыктабылбытын, кинилэринэн киэн туттарбытын биллэрэн, истиңник махтанабыт.

Олунньу 23 күнүн норуот бүттүүнүн бырааhынньыгын Россия судаарыстыбатын дьылҕата быhаарыллар устуоруйа тыңааhыннаах кэрдиис кэмигэр бэлиэтиибит. Ийэ дойдуну кѳмүскээбит аҕа кѳлүѳнэ дьоммут курдук, бүгүн биhиги ыччат дьоммут саа-саадах тутан Ийэ дойдубут кѳңүлүн уонна тутулуга суох буолуутун, национальнай интэриэhин, суверенитетын туруулаhар. Кыайыыны түѳстэринэн тэлбит улуу кѳлүѳнэ удьуордара Àҕа дойду кѳмүскэлигэр туруннулар. Сэбилэниилээх күүстэр ньыгыл кэккэлэригэр Саха Сирин үгүс уолаттара кыттыстылар. Ийэ дойдубут ыңырыытынан саха буойуннара кырдьык иhин кыргыhаллар.

Саха Сирин дьоно-сэргэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, Россия Федерациятын Сэбилэниилээх күүстэрин кэккэтигэр быстах хомуурунан ыңырыллыбыт бары биир дойдулаахтарбыт, "Боотур" этэрээт доброволецтарын, "Àлмаас" уонна "Бизон" анал подразделениелар байыастарын, анал байыаннай дьайыыга бастакы күннэртэн кыттыспыт контрактниктарбыт модун санааларынан, хорсун быhыыларынан киэн туттар.

Ѳстѳѳҕү кытта кыргыhыыга биhиги биир дойдулаахтарбыт буойун уонна гражданин быhыытынан үрдүк бэлэмнэрин кѳрдѳрѳллѳр. Саллааттарбыт уонна эписиэрдэрбит буулаҕа санааларыгар, тулуурдарыгар, сатабылларыгар эркин курдук эрэнэбит.

Саха Сирин олохтоохторо анал байыаннай дьайыы бастакы күннэриттэн буойуннарбытын, кинилэр дьиэ кэргэннэрин, босхоломмут сир-уот олохтоохторун туох кыалларынан ѳйүүллэр. Гуманитарнай кѳмѳнү тиэйбит эшелоннар тимир суолунан тохтообокко субуллаллар.

Биhиги бүгүн барыбыт олохпут, инникибит туhугар олохторун толук уурбут хорсун буойуннарбыт сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэбит. Биhиги эhэлэрбит, хос эhэлэрбит албан ааттаах хорсун быhыыларын ытыктыырбыт курдук, бүгүн хорсуннук кыргыhа сылдьар дьоммутун кэнэҕэски ыччаппыт умнуо суоҕа, устуоруйабытын билэр уонна харыстыыр буолуоҕа.

Ураты истиң тыллары бүгүн Àҕа Дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр аныыбыт. Эhиги хорсун быhыыгыт бүтүн Àан дойдуну быыhаабыта. Москва, Ленинград, Севастополь, Ржев, Сталинград куораттары босхолооhуңңа, Курскай Тоҕой кыргыhыытыгар кыттыбыт, Кенигсберг уонна Берлин куораттары ылбыт чулуу кѳлүѳнэ саллааттарын холобурдара кыайыыга кынаттыыр. Ол Улуу Кыайыы бэтэрээннэрэ аҕыйаатылар эрээри биhиги сүрэхпитигэр кинилэр мэлдьи тыыннаахтар, кинилэр хорсун быhыылара биhиэхэ ѳрүү холобур буолар.

Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна кыттыылаахтарыгар, саппааска тахсыбыт байыаннайдарга, Ийэ дойдуну кѳмүскээбит уонна кѳмүскүүр дьоммутугар барҕа махтал!

Àҕа дойдуну кѳмүскээччилэрбитигэр эйэлээх олоҕу, ыраас халлааны, кытаанах доруобуйаны, ситиhиилэри уонна чѳл туругу баҕарабын! Бырааhынньыгынан!

 Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин Ил Дархана Àйсен НИКОЛÀЕВ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением