Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Бэлиэ күнүнэн саха норуотун билиҥҥи лиидэригэр, өрөспүүбүлүкэбит салайааччытыгар, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка  Ил Түмэн дьокутааттара эҕэрдэ бастыҥын аныыллар. Ил Түмэн дьокутаата, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа фракциятын чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев:

Бэлиэ күнүнэн саха норуотун билиҥҥи лиидэригэр, өрөспүүбүлүкэбит салайааччытыгар, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка  Ил Түмэн дьокутааттара эҕэрдэ бастыҥын аныыллар. Ил Түмэн дьокутаата, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа фракциятын чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев:

— М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кэлэктиибин уонна тус бэйэм ааппыттан Айсен Сергеевиһи өрөгөйдөөх 50 сааскынан эҕэрдэлиибит! Бу бэлиэ күҥҥэ үтүө уонна истиҥ-иһирэх тыллаах эҕэрдэбитин тут.

Төрөөбүт күҥҥэр Эйиэхэ сыалгын ситиһэргэ саҥа кыахтары, креативнай идиэйэлэри, үрдүк далааһыннаах кыайыылары уонна, саамай сүрүнэ, табыллыыны баҕарабыт!

Олохпут устатын тухары икки дьоһуннаах, ол гынан баран, араас сыаннастар арыаллыыллар – Дьиэ кэргэн уонна Үлэ. Онон дьиэ кэргэҥҥин таптал, дуоһуйуу уонна уоскулаҥ олох, үтүө сыһыан уонна кыһамньы, өйөбүл уонна өйдөһүү эҥээрдэстин. Инники үлэҕэр, урукку курдук, мэлдьи ситиһии уонна биир санаанан үлэлиир кэллиэгэлэр тулалаатыннар. Олоххо үөрүү, сыалы ситиһэр дьулуһуу, сэргэх буолуу уонна ыраас күүстэр Эйигин хаһан да хаалларбатыннар.

Эн – биһиги Ил Дархаммыт. Эйигинэн киэн туттабыт уонна өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн кытта тэҥник инникигэ хардыылыыбыт!

Эйиэхэ уонна чугас дьоҥҥор дьолу, кытаанах доруобуйаны, инникигэ эрэллээх буолууну, үтүөнү уонна соргулаах олоҕу баҕарабыт! Үбүлүөйгүнэн!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением