Сокуон барылын Бэдэрээссийэ Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Турчак уонна Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара көҕүлээн киллэрбиттэр.
Андрей Турчак иһитиннэрэринэн, сокуоҥҥа эрдэ этиллибитин курдук, састааптаах буруйу сокуоннай сааһын сиппит киһи сааһын ситэ илик оҕону утары оҥордоҕуна, буруйданааччы үйэтин-сааһын тухары хаайыыга киирэрэ --сокуоҥҥа уларыйыы быһыытынан көрүллэр.
Эмсэҕэлэнээччи сааһа эбиллэр: буруйданааччыга үйэтин тухары хаайыыга олоруу курдук миэрэ 14 сааһын туола илик, итиэннэ 14-18 саастаах оҕолор утары буруй оҥоһуллубут буоллаҕына ылыллар.
Андрей Турчак бэлиэтииринэн, сокуон суолталаах соругу быһаарар – хас эмэ төгүллээн буруйу оҥорор педофиллары уопсастыбаттан туоратар.
«Уларытыы сыала киһи аатыттан ааспыт дьону миэрэҕэ тардан буруйдуур буолбакка эрэ, инникитин итинник буруй тахсыбатын туһугар үлэлиэхтээх. Оҕону күүһүлээһин эбэтэр оннук састааптаах дьайыылары оҥоруу туһунан хара дьайдаах санаа киһиэхэ өйүгэр киирээри гыннаҕына, "итини оҥордохпуна, хаалбыт күннэрбин хаайыыга атаарабын" диэн толкуйдуохтаах. Кэлэр быһаарыынан көҥүлгэ сылдьар педофиллары административнай кэтээһин систиэмэтэ уларыйыахтаах. Судаарыстыба кинилэр хас хардыыларын хонтуруоллуохтаах. Оччоҕуна эрэ биһиги оҕолорбут, дьиэ кэргэннэрбит, итиэннэ уопсастыба эрэллээх көмүскэлгэ сылдьыа. Итиннэ туһааннаах уларытыылары кэллиэгэлэрбитин кытта номнуо бэлэмнии сылдьабыт», — диэтэ парламентарий.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0