Степан Андреевич бэйэтин билиһиннэрэригэр кураатар быһыытынан, үөрэх эбийиэктэрин тутуу, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаны хааччыйыы боппуруостарын, каадырдары кытары үлэни сүрүннүүрүн туһунан эттэ.
Кини саҥа үөрэх дьылыгар оскуолалар төһө бэлэмнэнэллэрин сайын буолбакка, өссө саас эрдэттэн бэрэбиэркэлииллэрин туһунан билиһиннэрдэ. Саас Үөрэх уонна билим министиэристибэтин бирикээһэ тахсыбыта, онно сурулларынан, сайын устата үөрэх эбийиэктэрэ бары булгуччу өрөмүөннэниэхтээхтэр, оҕолору көрсөргө бэлэмнэниэхтээхтэр диэн ыйыллар. Атырдьах ыйын 20 күнүттэн хойутаабакка, бары саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм буолуохтаахтар.
Бу үлэни Үөрэх уонна билим министиэристибэтин иһинэн Ресурсанан хааччыйар киин улуустары кытары ыкса алтыһан, тэрийэн ыытар. Онтон эбийиэктэр төһө бэлэмнээхтэрин ырытан көрөллөр, от ыйыттан нэдиэлэ ахсын бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин туһунан РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтигэр дакылааттыыллар.
Атырдьах ыйыгар хонтуруол күүһүрэн, бэрэбиэркэ күн аайы барар. Ааспыт нэдиэлэҕэ министиэристибэ, тустаах департамент хамаандата уонна Ресурсанан хааччыйар киин үлэһиттэрэ оскуолалар төһө бэлэмнэрин, хапытаалынай өрөмүөн хайдах түмүктэммитин көрө-истэ улуустарынан сылдьан үлэлээбиттэр.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 628 оскуола, 445 уһуйаан, 42 орто үөрэх, уопсайа 1300 кэриҥэ иитэр-үөрэх тэрилтэтэ баар.
Ааптар хаартыската.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
