Сыл ахсын үөрэххэ киирэр хампаанньа бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар. Хас биирдии үөрэх кыһата саайтыгар үөрэххэ киирии бэрээдэгин, хас миэстэ баарын туһунан биллэрэр. Үөрэххэ киирэргэ докумуоннары тус бэйэҥ тиийэн туттарыаххын, эбэтэр буостанан, «Госуслуги» судаарыстыба өҥөтүн порталын нөҥүө ыытыаххын сөп. БКЭ эксээмэнин туттарбыт оҕо дойду хайа баҕарар үөрэҕин кыһатыгар докумуоннарын ыытар кыахтаах уонна үөрэххэ киирдэҕинэ биирдэ Москубаҕа, Санкт Петербурга, Владивостокка о.д.а. барар.
БКЭ киириэн иннинэ абитуриеннар ыраах Москубаҕа үөрэх кыһатыгар бэйэтигэр тиийэн эксээмэннэри туттараллара, дьиэ куортамнаан олороллоро, киирбэтэхтэринэ төттөрү кэлэллэрэ, онон төрөппүттэр үгүс-үтүмэн харчыны халтайга барыыллара. Кэлин биир кэлим эскээмэн киирэн үөрэххэ киирии судургутуйда. Билигин куйаар ситимэ сайдан, дьиэҕэ олорон дойду улахан куораттарын 5 үрдүк үөрэҕэр тэҥинэн туттарсыахха сөп, онно БКЭ эрэ баала хапсыан наада. Холобур, выпускниктар докумуоннарын ХИФУ, МГУ, СПБГУ, МИСИ, МГИМО ыыталлар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















