«Бырайыак туһунан кэпсэтии бара турар билигин, ол эрээри, сүрүн тосхол хайдаҕа дьэҥкэтик биллэр. Ол курдук, биир кэлим эксээмэн оскуола бырагырааматыттан тэйэтиллэн иһэр. Ити түмүгэр, оҕолор иккитэ төхтүрүйэн үөрэнэргэ күһэллэллэр – сүрүн бырагырааманан уонна биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэллэр. Балары иккиэннэрин түмэр ама кыаллыбата буолуо дуо? Дьэ риторическай хабааннаах ыйытыы. Төрөппүттэр оҕолорун БКЭ-ҕэ бэлэмниир инниттэн репетитордарга үтүмэн харчыны кутарга күһэллэллэр. Мин көрөрбүнэн, БКЭ көмөтүнэн төрөппүттэртэн харчыны ылыы эрэ, онтон атыннык быһаарар сатаммат. Ол иһин, барыта дириҥии илигинэ, биир кэлим эксээмэнтэн түһүмэҕинэн үлэни ыытан, аккаастаныахпытын наада. Холобур, биир кэлим эксээмэни үөрэнээччи бэйэтэ таларын курдук оҥоруохха сөп», - диэн «Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа лиидэрэ Сергей Миронов этии киллэрбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0