Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

 СӨ Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа наука дуоктора, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕын «Эркээйи эргиирэ» былаһааккатыгар кыттыыны ылла.

 СӨ Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа наука дуоктора, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕын «Эркээйи эргиирэ» былаһааккатыгар кыттыыны ылла.

 Быйылгы тэрээһин сүрүн хайысхата – оҕону-ыччаты иитии, маныаха уопсастыба кыаҕын түмэ тардыы, идэтийбит түмсүүлэри олохтооһун.

 Кэпсэтиини СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа «Үөрэхтээһин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа үөрэх ситимигэр иитии үлэтин көдьүүһүрдэр сыаллаах уларыйыылар киирэн, үөрэх тэрилтэлэрэ бу үөрэх дьылыттан иитии бырагырааматын олоххо киллэрэн саҕалыыллар. Бу үлэни тэрийэргэ кылаас салайааччыларыгар федеральнай киинтэн эбии төлөбүр көрүллүбүт. Оттон билигин киэҥ эйгэҕэ «иитии үлэтигэр оскуола дириэктэрин сүбэһитэ» диэн анал дуоһунаһы киллэрии бырайыага дьүүллэһиллэ сылдьар.

ЭЭ 3

Феодосия Габышева хааччахтааһын кэмигэр “оскуолаҕа уһуйуллуу”, “иитии үлэтэ”, “араас тэрээһиннэргэ кыттыы”, “көҥүллүк алтыһыы” курдук өйдөбүллэр ордук суолталаммыттарын бэлиэтээтэ.

--Үгүс төрөппүт оскуола үлэтигэр сыһыана уларыйда. Үөрэх тэрилтэтэ билиини эрэ тарҕатар киин буолбакка, киһилии киһи иитиллэн тахсарыгар, оҕо дьоҕура-талаана арыллан, киэҥ эйгэҕэ бигэтик үктэнэригэр олук буолар аналлааҕын толору өйдөөтүлэр, –диэн санаатын эттэ.

Тэрээһин кыттыылаахтарыгар Феодосия Васильевна, СӨ Төрүт сокуонугар олоҕуран, итиэннэ «Үөрэхтээһин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, үөрэх ис хоһоонугар бэйэбит уратыбытын учуоттуур бырааптаахпытын санатта:

--Национальнай статустаах үөрэх кыһаларын арыйар, төрөөбүт тыл уонна литература биридимиэттэрин, култуура араас эйгэтин хабар дьарыктары киллэрэр, үөрэх кинигэлэрин, ааптарыскай бырагыраамалары оҥорор, араас ньымалары тобулар кыахпытын толору туһаныахтаахпыт.

ЭЭ 1 2

90-с сыллартан бэттэх норуот төрүт үгэһин, ыччатын иитэр-такайар ньымаларын, этнопедагогика хайысхаларын араас докумуоннарга хото киллэриибит национальнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан бигэтик олоҕуруубутугар төһүү буолбута. В.Ф. Афанасьев-Алданскай, Д.А.Данилов, Н.Д.Неустроев, К.С.Чиряев, К.Д.Уткин, А.П.Оконешникова, В.Д.Михайлов, В.С.Долгунов, Е.П.Чехордуна курдук ааттаах-суоллаах педагог-учуонайдарбыт тэлэн биэрбит суолларынан эрэллээхтик айанныах тустаахпыт.

Салгыы Феодосия Габышева Төрүт омуктар оскуолаларын саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ, «Эркээйи»: төрүт култуураны тилиннэриинэн уонна сайыннарыынан оҕону иитии" бырагыраамата курдук сүдү суолталаммыт докумуоннар кэмигэр ылыллан, үгүс дьону үмүөрү тардан, айымньылаах үлэҕэ сирдээбиттэрин аҕынна.

--30 сыл ааспытын кэннэ бу докумуоннар ис хоһоонноругар эргиллэн, суолталааҕын ылҕаан, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, дьоммутугар уунар кыахтанныбыт. Оччолорго курдук, Т.М.Ильина салалтатынан үгүс учуонай кыттыһан, эдэр дьон эрчимин холбоон, дьоһуннаах үлэ бэлэмнэнэн, олоххо киирэргэ бэлэм. Тирэх үөрэх тэрилтэлэрин ситимнэрэ олохтоммута, методическай ыйынньыктар бэлэмнэммиттэрэ, тустаах былаан ылыллыбыта хайҕаллаах, – диэн пелагог-дьокутаат дьон болҕомтотун туһаайда.

Түмүккэ Феодосия Васильевна үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр туһаайан, үлэни тэтимирдэргэ, бырагыраама суолтатын өрө көтөҕөргө уонна олоххо киириитин далааһынныырга этиилэрин киллэрдэ. Ол курдук:

-«Эркээйи эргиирэ» бырагыраама олоххо ыпсыытын сүрүннүүр аналлаах биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы (межведомственнай) сэбиэти тэрийии. Бу үлэҕэ култуура, социальнай эйгэ, доруобуйа харыстабылын, спорт, инновация уонна сибээс министиэристибэлэрин сыһыарыы. Оччоҕо эрэ оҕо-ыччат сайдар эйгэтэ олохтонор кыахтанар;

-СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин иһинэн бырайыактыыр офиһы эбэтэр подведомственнай тэрилтэҕэ отделы тэрийии боппуруоһун үөрэтии. Тоҕо диэтэххэ, бырагырааманы хас биирдии үөрэх таһымынан наардаан киллэрэргэ, табыгастаах ньымалары, албастары тобуларга, бырыайактары сүрүннүүргэ, үөрэхтэри-айаннары тэрийэргэ, бастыҥ уопуту тарҕатарга улахан болҕомто туһаайыллыахтаах;

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта педагогическай институкка тирэҕирэн, Нам, Бүлүү, Дьокуускай педагогическай колледжтарын ситимнээн, бырагыраама ис хоһоонун баһылаабыт идэлээхтэри бэлэмниир, наука каадырдарын үүннэрэр дьаһалы ылыы.

Маны таһынан норуот дьокутаата күһүн хойутуу Ил Түмэҥҥэ «төгүрүк остуолу» былааннаан, улуустары, учуонайдары, суруналыыстары,  уопсастыбаннай тэрилтэлэри ыҥыран, «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманы олоххо киллэрии мэхэньиисимнэрин, сонун ньымаларын тула кэпсэтэр баҕалааҕын биллэрдэ. Бары улуустары, үөрэх управлениеларын салайааччыларын сэргэхтик үлэлииргэ, «дьоһун түмүктэри ситиһэргэ турунуоҕуҥ!» диэн ыҥырда.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31