Үөрэх дьыла саҕаланара чугаһаата. Үгэс быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үөрэхтээһинин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтара бу ый 21-30 күннэригэр Дьокуускайга “Биир кэлим үөрэх тулааһыныгар оҕону - киһини иитии” диэн доҕуһуолунан бэрт киэҥ бырагыраамалаах, үгүс тэрээһиннээх ыытыллара былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ педагогтара үөрэхтээһин тиһигин биир кэлимнээх биэс хайысхатынан бэйэлэригэр сөптөөх тэрээһиннэргэ кыттыахтара. Ол курдук, иитии, үөрэтии, идэҕэ/үлэҕэ туһаайыы, сыыппараҕа көһүү, чэгиэн буолуу хайысхаларынан анал былаһааккалар үлэлиэхтэрэ.
Сүбэ мунньах атырдьах ыйын 21 күнүгэр пленарнай мунньаҕынан аһыллыаҕа. Онно СӨ Ил Дархана, судаарыстыбаннай уорганнар, муниципальнай былаас бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэхтээһин тиһигин салайааччылара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр актыбыыстара кыттыахтара.
Хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна