Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи Судаарыстыбаннай тутуу уонна олох-дьаһах надзорун управлениета Кытаанахха оскуола-саад (90 миэстэ оскуолаҕа, 50 миэстэ оҕо саадыгар анаммыт) саҥа дьиэтэ тустаах тэхэньиичэскэй ирдэбилгэ итиэннэ бырайыактыыр докумуоннара сөп түбэһэрин, онон үлэлииргэ бэлэм буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Санатан эттэххэ, оскуола дьиэтэ эргэрбитин аанньа, 2016 сыллаахха уокка былдьанан, оҕолор хас да сиринэн көһө сылдьан үөрэнэргэ күһэллибиттэрэ, оттон оҕо саада эмиэ эргэрэн, тэхэньиичэскэй ирдэбилгэ ырааҕынан эппиэттээбэт буолбута.
– Аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах, 2115 кв. м иэннээх саҥа эбийиэк «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» федеральнай судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутулунна, – диэн өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай тутууга уонна олох-дьаһах надзоругар управлениетын салайааччы Павел Аргунов иһитиннэрэр.
Лена Пономарева, Кытаанах олохтооҕо:
– Саҥа оскуола-саад дьиэтэ наһаа үчүгэй, барыбыт баҕа санаабыт олоххо киирбититтэн олус үөрэбит. Билигин сүрүн үлэтэ бүтэн, кыра быстах өттө ситэриллэ сылдьар, сэтинньи 19-20 күнүн эргин үөрүүлээхтик аһыллыахтаах. Онон оҕолорбут барахсаттар толору хааччыллыылаах, сандаарбыт саҥа дьиэҕэ-уокка үөрэниэхтэрэ, дьарыктаныахтара. Бу оскуола биир дойдулаахпыт, саха народнай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан аатын сүгэр. Саҥа оскуола-саад оҕолор сынньаналларыгар, оонньуулларыгар бары өттүнэн тупсаҕай, киэҥ-куоҥ былаһааккалаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0