«Кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйаҕа маасканы оҥорууга күүскэ ылсыспыттара үчүгэй. Онон судаарыстыба бүддьүөт үбүнэн мааскалары атыылаһан баран, кыра хамнастаах дьоҥҥо босхо тарҕатыан наада. Бу дьоҕус хамнастаах нэһилиэнньэҕэ уонна биисинэскэ улахан өйөбүл буолуох этэ. Аны туран, дойду үрдүнэн мааска саппааһа олус элбээбитэ иһиллэр. Ол иһин, эрэгийиэн уонна федеральнай былаастар кыра дохуоттаах дьону босхо маасканан хааччыйыы анал бырагырааматын оҥоруохтарын наада. Билигин пандемия сытыырхайан турар кэмигэр мааската суох киһини маҕаһыыннарга, тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай миэстэлэргэ киллэрбэттэр да, чугаһаппаттар да. Ол иһин хас биирдии киһи маасканы атыылаһа сатыыр. Ол, биллэн турар, элбэх оҕолоох, кыаммат дьиэ кэргэҥҥэ ночооттоох. Аны туран, мааскалар хаачыстыбалара мөлтөх. Боростуой маарыланан тигэн баран, чэпчэки сыанаҕа атыылыыллар. Онтулара, биллэн турар, өр сулууспалаабат. Хомойуох иһин, бэрэбиэркэлиир аналлаах уорганнар итиннэ болҕомтолорун уурбаттара адьас өйдөммөт», -- диэн бэлиитик санаатын үллэстибит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0