- Саха норуота былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит олоххо сыаннастарын, сиэри-туому, өбүгэлэрбит муударастарын өрүү ытыктыыр, убаастыыр. Арассыыйаҕа үтүмэн үйэлэргэ национальнай норуоттар олорон кэлбит үтүө үгэстэрэ өрүү инники күөҥҥэ тутуллар. Бу сыаннастар барыта РФ Төрүт сокуонугар хайаан да баар буолуохтаахтар. Ол курдук, сүрүн болҕомто төрүт олорон ааспыт олохпутугар уонна история кырдьыктаах буоларыгар ууруллар. Холобур, 67.1 ыстатыйа 3 пуунугар Арассыыйа Федерацията Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ болҕомто ууран, история кырдьыгы кэпсиэхтээҕин мэктиэлиир. История кырдьыгы кэпсиир эрэ буоллаҕына, норуот быһыытынан инники сайдыахпыт турдаҕа. Онон бу саамай сөптөөх ыстатыйаны эдэр ыччаппыт инникитин санаан туран, РФ Төрүт сокуонугар хайаан да киллэриэхпитин наада. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0