Эрдэтээҕи былаанынан Төрүт сокуон көннөрүүлэригэр куоластааһын муус устар 20 күнүгэр буолуохтаах этэ. Ону аан дойду үрдүнэн сүлүһүннээх коронавирус тарҕанан куоластааһын күнэ-дьыла көспүтэ. Инньэ гынан от ыйын 1 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн куоластааһын күнэ буолан ааста. Бу күнү дойду Бэрэсидьиэнэ өрөбүл күнүнэн биллэрбитэ.
Саха сиригэр 67-с №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран куоластааһын болдьоҕун иннинэ бэс ыйын 17-18 күннэриттэн ыраах түөлбэлэртэн саҕаламмыта. Ол курдук табаһыттар, балыксыттар, баахта уонна метео-ыстаансыйалар үлэһиттэрэ куоластаабыттара.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньы уустук буолан, сүрүн куоластааһын бэс ыйын 25 күнүттэн саҕаламмыта уонна быһаарыылаах бүтэһик күнүнэн – от ыйын 1 күнэ буолла.
Саха сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйа, өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна “Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай Мунньаҕа нэһилиэнньэҕэ ыыппыт күүстээх өйдөтүү уонна быһаарыы үлэлэрэ үтүө түмүктэри көрдөрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кэлэн кытынна. Ол курдук быыбардааччы уопсай ахсааныттан 55,56 % бэйэтин гражданскай иэһин үтүө суобастаахтык толордо.
Бастыҥ көрдөрүүлээх улуустар
Сорох улуустарга дьон олус көхтөөхтүк кытынна диэн бэлиэтиэххэ наада. Холобур, Үөһээ Бүлүүгэ (85,52 %), Өлөөҥҥө (93,46 %), Тааттаҕа (78,51 %), Горнайга (72,55 %), Анаабырга (87,03 %), Аммаҕа (70,49 %) дьон кэлиитин көрдөрүүтэ – 70 %-ны куоһарда.
Анастасия Андросова, Анаабырдааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ:
– Улууспут дьоно-сэргэтэ олус көхтөөхтүк кытынна. Ол түмүгэр, быыбардааччыбыт уопсай ахсааныттан – 87,03 % киһи кэлэн куоластаата. Улуус үрдүнэн 2589 куоластааччы баара бигэргэммитэ, ол аата быыбарга быһаччы 2253 киһи кытынна. Мантан 57,35 % киһи Төрүт сокуон көннөрүүлэригэр “сөпсөһөбүн” диэн биллэрдэ, 37,46 % “утарабын” диэн куоластаата.
Дьиҥэр, улууска куоластааһын болдьоҕун иннинэ бэс ыйын 18-19 күннэриттэн ыраах түөлбэлэртэн саҕаламмыта. Бастаан бэйэлэрин гражданскай санааларын булчуттар уонна балыксыттар биллэрбиттэрэ. Быыбардыыр хамыыһыйа бөртөлүөтүнэн кэрийэ сылдьан куоластаппыта.
Бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 1 күнүгэр диэри дьиэҕэ олорон, 388 быыбардааччы куоластаата. Барыта 4 быыбардыыр хамыыһыйа уонна “Анаабыр алмаастара” ААУо “Маяк” диэн учаастагар эбии учаастак үлэлээтилэр. Онно бэс ыйын 20 күнүгэр 748 киһи эрдэ куоластаабыта.
Бу куоластааһыҥҥа улууспут дьоно биир санаалааҕын уонна түмсүүлээҕин көрдөрдө. Аны туран, олохтоох улуус дьаһалтата уонна волонтердар күүскэ үлэлээтилэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Нэһилиэнньэҕэ сүрдээх күүстээх өйдөтүү, быһаарыы үлэлэрин ыыттылар. Уонна быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэннэрэ (барыта 36 киһи) эмиэ улахан сыралаах үлэни оҥордулар.
Александра Иванова, Үөһээ Бүлүүтээҕи территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Куоластааһын этэҥҥэ түмүктэннэ. Улуус 11392 куоластааччылаах. Онтон 85,52 %-на кэлэн куоластаата. Онон үрдүк көрдөрүүнү ситистибит. Мантан Төрүт сокуон көннөрүүлэрин 81,87 %-на өйөөтө (7976 киһи), 17,77 %-на утарарын биллэрдэ (1731 киһи). Ону сэргэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи дьиэҕэ олорон куоластаата – 2433 быыбардааччы. Маны таһынан ыраах сытар уонна аччыгый нэһилиэктэр сүрүн болдьох иннинэ куоластаан бүппүттэрэ.
Куоластааһын үрдүк тэрээһиннээхтик ааһарыгар, суһал ыстаап күүстээх үлэтин бэлиэтиэххэ наада. Ыччаттар эмиэ быыбар үлэтигэр олус көхтөөхтүк кытыннылар. 30-ча волонтер олус бэриниилээхтик үлэлээтэ. Аны туран, бэс ыйын 24 күнүгэр буолбут 75 аттаах дьонноох Кыайыы параада улаханнык көмөлөстө. Ол күн элбэх киһи уулуссаҕа тахсан параады көрбүтэ уонна сарсыныгар көхтөөхтүк куоластаабыттара.
Улуус дьаһалтата олус тэрээһиннээхтик үлэлээтэ. Социальнай ситимнэринэн челлендж ыытан нэһилиэнньэ олус көхтөөхтүк кыттарын ситистилэр. Уопсайа 34 учаастактааҕы хамыыһыйаҕа 202 киһи үлэлээтэ. Балар эмиэ бэйэлэрин түөлбэлэригэр, нэһилиэктэригэр уулуссалары уонна ыаллары кэрийэн күүстээх өйдөтөр, быһаарар үлэлэри ыыттылар. Аны туран, куоластааһын 7 күн устата барбыта элбэҕи быһаарда.
Михаил Салгынов, Горнай улууһун территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
– Улууска 7133 куоластааччы бигэргэммитэ. Мантан куоластааһыҥҥа 72,55 %-на кэлэн кытынна, ол аата 5175 киһи. Бу дьонтон 59,77 %-на Төрүт сокуон көннөрүүлэрин өйөөтө (3093 киһи), 39,52 %-на “утарабын” диэтэ (2045 киһи).
Улуус үрдүнэн барыта 11 быыбардыыр учаастак аһыллыбыта. Манна 72 хамыыһыйа чилиэнэ үлэлээтэ.
Эрдэттэн өйдөтүү уонна быһаарыы үлэлэрэ күүскэ баран, дьон олус көхтөөхтүк кытынна. Улуус дьаһалтатын, быыбардыыр хамыыһыйалар үлэлэрин түмүгэ буоллаҕа.
Саамай элбэх киһи бастакы үс күн иһигэр куоластаабыта. От ыйын 1 күнүгэр 705 киһи кэлбитэ. Дьиэҕэ олорон 778 киһи куоластаата. Олохторугар аан бастаан куоластыы кэлээччилэргэ кыра сэмэй бэлэхтэри туттартаатыбыт. Куоластааһын кэмигэр кэтээн көрөөччүлэртэн биир да үҥсүү киирбэтэ, барыта этэҥҥэ ааста.
Биир да кэһии тахсыбата
Амма улууһун дьоно-сэргэтэ куоластааһыҥҥа эмиэ олус көхтөөхтүк кытынна. Улууска дьон кэлиитэ 70,49 %-ҥа тэҥнэстэ. Куоластааһын кэмигэр кэтээн көрөөччүнэн олорбут Анна Александрова санаатын үллэһиннэ:
– Мин уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүнэн бэс ыйын 25 күнүттэн ыла сырыттым. Үлэлээбит 46 №-дээх учаастакпар биир да кэһии тахсыбата. Бу куоластааһын төһө да хааччахтааһын кэмигэр олордорбут, дьон бэйэлэрин бырааптарын толору туһанан кэлэн куоластаан, бэйэлэрин санааларын этинэн бардылар. Быыбардыыр учаастакка дьону ыарыыттан харыстыыр миэрэлэр тутуһулуннулар, бары сокуонунан ирдэниллэр быраабылаларга кэһиилэр бэлиэтэммэтилэр.
“Куоластааһын этэҥҥэ, үлэ бэрээдэгинэн ааста”
Ил Дархан Айсен Николаев куоластааһын кэмигэр туох да быһылаан тахсыбата диэн бэлиэтээтэ.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ 820 быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Хамыыһыйа үлэһиттэрэ куоластааһыны үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар. Исписэлиистэр ыраах түөлбэлэргэ эрэ буолбакка, балыыһаларга, обсерватордарга, дьиэлэринэн сылдьан дьон куоластыыр бырааптарын толору туһаналларын ситистилэр. Саха сирин саамай ыраах муннугар – Новосибирскай арыыларын архипелагар – Котельнай арыытыгар кытта тиийэн, 7 киһини куоластаттылар.
Куоластааһын кэмигэр волонтердар уонна кэтээн көрөөччүлэр олус көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Барыта 3 тыһ. тахса кэтээн көрөөччү сокуон ирдэбиллэринэн барарын кыраҕы хараҕынан көрөн олордо. Ол түмүгэр биир да быһылаан тахсыбата уонна үҥсүү киирбэтэ. Онон куоластааһын этэҥҥэ ааста.
От ыйын 1 күнэ – дойду инникитигэр чахчы олус суолталаах күн ааста. Бу күн биһиги бары бииргэ устуоруйа саҥа кэрдиис кэмигэр үктэннибит, – диэн Ил Дархан эттэ.
Куоластааһын бүтэһиктээх түмүктэрэ
От ыйын 2 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ медиа-киинигэр Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын куоластааһын түмүгүнэн пресс-кэмпириэнсийэтэ буолан ааста.
Куоластааһын чопчуламмыт дааннайдарын Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов иһитиннэрдэ:
– Куоластааһын Саха сиригэр от ыйын 1 күнүгэр, киэһэ 20 чааска, этэҥҥэ түмүктэннэ. Биир да сокуону кэһии эбэтэр үҥсүү бэлиэтэммэтэ.
Куоластааһын кэмигэр 820 быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Уопсай испииһэккэ 631 206 киһи киирбититтэн, бэйэтин гражданскай санаатын 350 427 киһи биллэрдэ. Онон дьон кэлиитэ 55,56 %-ҥа тэҥнэстэ.
Куоластааһын кэмигэр маннык механизмнар үлэлээтилэр. 2018 сылтан үлэлиир “мобильнай быыбардааччы” диэн ньыманан 18263 киһи куоластаата. 27 улуус ыраах түөлбэлэригэр болдьоҕун иннинэ 13 263 киһи быыбардаата. Манна хамыыһыйа үлэһиттэрэ салгын аалларынан 121 түөлбэҕэ, уунан уонна сиринэн 339 түөлбэҕэ сырыттылар. Дьиэҕэн олорон, 248 317 киһи куоластаата.
Төрүт сокуоҥҥа киирэр көннөрүүлэри куоластааччы уопсай ахсааныттан 204 435 киһи өйөөтө (58,35 %), оттон 142 464 киһи утарда (40,65 %).
Куоластааһын түмүктэрэ
Кыттааччы ахсаана: 350 427 быыбардааччы
Сөпсөһөбүн – 204 435 киһи (58,35 %)
Утарабын – 142 464 киһи (40,65 %)
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0