Бу күн 1993 сыллаахха Российскай Федерация Конституцията бүттүүн норуот куоластааhынынан ылыныллыбыта. Конституция толору тиэкиhэ 1993 сыллаахха ахсыньы 25 күнүгэр «Российская газета» хаhыат страницаларыгар бэчээттэммитэ.
1994 сылтан Россия Президенин Ыйаахтарынан («О Дне Конституции Российской Федерации» уонна «О нерабочем дне 12 декабря») ахсынньы 12 күнэ судаарыстыбаннай бырааhынньык күнүнэн биллэриллибитэ.
Конституция — судаарыстыба сүрүн сокуона — Россия правовой систиэмэтин ядротунан буолар уонна атын сокуоннар ис хоhооннорун быhаарар.
Дойду сүрүн докумуонугар араас сылларга кэккэ уларыйыылар киирбиттэрэ.
Российскай Федерациятын Конституциятыгар бүтэhик кѳннѳрүүлэр 2022 сыл алтынньы ыйыгар РФ састаабыгар саңа эрэгийиэннэр киириилэринэн сибээстээн киллэриллибиттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0