Ѳссѳ 2022 сыл ахсынньы ыйыгар Арассыыйаҕа ыңырыллар сааhы үрдэтэргэ этии киирбит хампаанньата хайыы үйэ быйыл саҕаланыан сѳп.
Ол туhунан Госдума оборуонаҕа Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Картаполов: «2023 сыл сааскы ыңырыытыгар военкоматтарга 30 диэри саастаах гражданнар барыахтарын сѳп. Онуоха сокуоңңа кэккэ уларыйыылар киириэхтээхтэр. Ыңырыллар сааhы үрдэтии процеhа сыыйа, этааптарынан барыаҕа», - диэн эттэ.
Ордук чахчыта, саңа систиэмэҕэ толору кѳhүү биир сылтан үс сылга диэри кэми ылыаҕа. Ол эрээри кинини олох сотору саҕалыырга былаанныыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0