Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Гаврил Парахин, ЛДПР фракциятын салайааччыта, Арассыыйа либеральнай-демократическай баартыйатын Саха сиринээҕи салаатын координатора, норуодунай дьокутаат:

Гаврил Парахин, ЛДПР фракциятын салайааччыта, Арассыыйа либеральнай-демократическай баартыйатын Саха сиринээҕи салаатын координатора, норуодунай дьокутаат:

         --Биһиги баартыйабыт Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрии иһин куоластааһыны өйүүр. Баартыйалаахтарбытын барыларын,  дьиэ кэргэнинэн,  кэлэн куоластыылларыгар ыҥырабыт.

         Ити уларытыыларга ЛДПР, дьиҥэр, 15 этиини киллэрбитэ. Онтон тоҕуһун эрэ ылыммыттара, 6-ны тохтоппуттара.  Ол эрээри бу чугастааҕы 10-15 сылга ол этиилэрбитигэр өссө төгүл төхтөрүйэн төннүөхтэрэ, сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Бу көннөрүүлэртэн чуолаан тугу биһириибит? Социальнай  хайысхаҕа туһуламмыт уларытыылары. Холобура, биэнсийэ индексацияланарын. Ону таһынан Госдума дьокутааттарын, Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин боломуочуйалара кэҥиириттэн үөрэбин. Ол РФ Бырабыыталыстыбата, миниистирдэр уонна премьер үлэлэригэр үтүө өттүнэн дьайыаҕа. Уонна чунуобунньуктар икки гражданстволаналларын боболлоро үчүгэй.

         Нуучча тыла “государствообразующий” дэнэрэ саамай сөп. Бу тыл Арассыыйаҕа олорор норуоттары холбуур эбээт. Бэрэсидьиэн болдьоҕун туһунан этэр буоллахха, “нууллааһыны” утарбаппын. Бу сиргэ букатын кэлбит суох. Саҥа дьон сыыйа тахсан иһиэхтэрэ.

Түмүктээн эттэххэ, бу көннөрүүлэргэ киһи утарылаһара улахан туох да суох, барыта оруннаах уларытыылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением