Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сунтаарга Леонид Попов аатынан улуустааҕы бибилэтиэкэ саҥа дьиэҕэ көспүт үөрүүтүн үллэстии олус киэҥ хабааннаахтык барда.

Сунтаарга Леонид Попов аатынан улуустааҕы бибилэтиэкэ саҥа дьиэҕэ көспүт үөрүүтүн үллэстии олус киэҥ хабааннаахтык барда.


Үөрүүлээх тэрээһин киэн туттуубут Шура Яковлева туойан доллоһутуутунан саҕаланна. Онтон үгэс курдук, эҕэрдэлэр бардылар. Билигин үп-харчы кырыымчыгынан сибээстээн, улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Григорьев, култуура управлениетын салайааччы Саргылаана Омукова, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн салайааччы Наталья Максимова бэйэлэрин тус хармааннарыттан сэмэй бэлэх оҥордулар.

эҕэрдэ

Изабелла Жиркова үксэ дьахтар аймах үлэлиир тэрилтэтигэр 60 тыһыынчаттан тахса кинигэни тиэйиигэ-таһыыга урбаанньыттар, ОДьКХ, Бартыһаан НАТК үлэһиттэрэ көмөлөспүттэригэр истиҥник ахтанна. Бартыһаан НАТК дириэктэрэ Айсен Федоров илии тутуурдаах сылдьар. Арай, куруук бибилэтиэкэҕэ тэрээһиннэрин ыытар «Ньургуһун» түмсүү тоҕо эрэ чуумпу. Хата, Ымыычаана биһикки ый аайы биэрэр степендиябытын, оҕо кинигэтин бэлэхтээн балаһыанньаттан таҕыстыбыт. Бу алҕаһы аныгыскы көрсүһүүгэ көннөрүөххэ.
Култуура профкомун салайааччы Елена Амонова өрөспүүбүлүкэ профкомуттан 100 тыһыынча солкуобай харчыны туруорсан ылбыта ытыс тыаһынан көрсүлүннэ. Бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Елена Федорова өрөспүүбүлүкэ профкомун Бочуотунай суругунан, мэтээлинэн наҕараадаланан дьоро күн үөрүүтүн өссө үрдэттэ. Быыстапка арааһа тардылынна.

авто

Онтон улуустааҕы «Ньургуһун» айар түмсүүттэн Александр Амбросьев-Сайылык Уола, Зинаида Федотова-Дьол Кыыма айымньыларын тула кэпсэтии, автограф-сиэссийэ буолла. Билиҥҥи кэм биир бастыҥ айымньыта «Аарыма» айымньынан Мария Томская оҥоһуу өй көмөтүнэн кылгас ролик оҥорбут, аҕыйах мүнүүтэҕэ түөрт чаастаах кинигэни барытын хаппыт.

с 3

Ол бириэмэҕэ икки маастар-кылаас буолбут: дьуолка оонньуурун оҥорууга, жабо уонна сиэххэ кэтэр бэлэнньик. Мин ааҕааччылардыын көрсүһэн хойутаан тиийбиппэр, кыргыттар матырыйаал ордороннор түргэн үлүгэрдик, бэйэлэрэ оҥорон биэрдилэр, онон саамай түргэн, уус илиилээх, кыраҕы харахтаах мин курдук буолан, кыргыттарым сылаас сыһыаннарыттан манньыйа үөрдүм. Бу маастар кылааһы методическэй киин уонна кинигэни кытта үлэлиир салаа уус илиилээх кыргыттара кыайа-хото туталлар эбит.

дети copy

Өссө атын хосторго туох тэрээһиннэр буолбуттарын, киэҥэ бэрт буолан, ситэн көрбөккө да хааллым, оҕо бөҕө баар этэ. Урукку эбитэ буоллар бары анньыһа сылдьыа, уочаратынан буолуо этэ. Улууспут кинигэтин кыһата сырдаан, кэҥээн, сылыйан, сүрүнэ кыһын тымныыга биир тыын боппуруос (чэпчэ) оҥоһуллан үлэлииргэ, айарга бары усулуобуйа баар буолбута үчүгэй даҕаны. Өссө үрдүк үрдэллэри!

Зинаида Федотова-Дьол Кыыма.
Хаартыскалары ааптар ыытта.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0