Быыбардыыр учаастакка суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Александр Николаевич: “Конституцияҕа уларыйыылар ылыныллыахтара, итиниэхэ ханнык да саарбахтааһын суох”, – диэн эттэ.
“Саҥардыллыбыт Конституцияҕа биһиги өрөспүүбүлүкэбит Конституциятыгар уларытыылары киллэрэри ирдиир түгэннэр бааллар. Чуолаан, былаас ситимэ алтыһыытыгар, оҕотуттан улаханыгар тиийэ дьон олоҕо көмүскэллээх буоларыгар уонна, биһиэхэ улахан суолталааҕа – омуктар, кинилэр тыллара, култууралара, олохторун эйгэтэ ордук-хоһу түсүһүүтэ, хаалсыһыыта суох, тэҥ бырааптаах, тэҥ көҥүллээх, тэҥ сайдыылаах буолууларын Төрүт сокуоҥҥа олоҕуран мэктиэлээһиҥҥэ.
Конституцияҕа саҥалыы тургутуһан көрөр кыах үөскүөҕэ. Бу үлэҕэ аҥаардас өрөспүүбүлүкэ салалтата эрэ буолбакка, дьон-сэргэ, үөрэх, наука, култуура эйгэтэ олоччу өйүн-санаатын түмэрэ ирдэнэр. Ити үлэни биһиги Ил Дархаммыт, Ил Түмэн, общественнай, научнай түмсүүлэр иилиэхтэрэ-саҕалыахтара. Түмүкпүт биһиги төһө түмсүүлээхпититтэн, сүрүн хайысхаларга төһө биир санаалаахпытыттан улахан тутулуктаах буолуоҕа”, - диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0