«Сарсыарда быыбар түмүгэ тахсаатын кытары дьон-сэргэ эҕэрдэлээбитинэн барбыта, хамаандабын кытары түмсэн, олус үөрбүппүт, инники былааммытын торумнаатыбыт. Өскөтүн дьокутаат буоллахпына, бастатан туран, дьиэ кэргэн, оҕо-аймах, экология интэриэһин көмүскүүр, кэммиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай түмсүүлэри сайыннарар санаалаахпын.
Экология элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэриттэн саҕаланар, итиэннэ хомунаалынай хаһаайыстыба үлэтин тупсарар, дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэрийэр кэм кэллэ», — диэн санаатын үллэстэр СӨ Уопсастыбаннай балаататын аппараатын, Саха Сирин дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева.
Кини этэринэн, Дьокуускай куорат Поярковскайдааҕы бөлөҕөр аан дойдуга саамай хотугу Цирка саҥа дьиэтэ тутулларын туруорсаллар. Аныгылыы быһыылаах уораҕайга дьон дьиэ кэргэнинэн кэлэн сынньаныан сөп. Күн бүгүн Цирка дьиэтэ эргэрдэ, дьиҥэр, бырайыакка тутуу иккис уочарата киирэ сылдьар эбит.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0