Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Арассыыйа уонна Беларусь эрэгийиэннэрин үбүлүөйдээх Х пуорума Башкортостан киин куоратыгар буолан ааста.

Арассыыйа уонна Беларусь эрэгийиэннэрин үбүлүөйдээх Х пуорума Башкортостан киин куоратыгар буолан ааста.

Уфаҕа үс хонук устата губернатордар, эрэгийиэннэр парламеннарын салайааччылара, корпорациялар бэрэстэбиитэллэрэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһарааччылар салайааччылара, айар кэлэктииптэр, барыта 5 тыһ. тахса киһи, кыттыыны ыллылар. Арассыыйа дэлэгээссийэтин Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко, оттон Беларусияны өрөспүүбүлүкэ Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Кочанова салайдылар.

Дьыалабыай бырагыраама сүрүн өттүгэр Арассыыйа уонна Беларусь субъектарын парламеннарын салайааччылара сокуон көҕүлээһиннэрин дьүүллэстилэр уонна уопут атастастылар. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бу иннинэ Башкортостаҥҥа хаһан да сылдьыбатаҕын туһунан  кэпсээтэ.

9

— Биһиги Башкортостаны, Татарстаны уонна да атын национальнай эрэгийиэннэри кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхпит, омук тылларын, култуураларын уонна үгэстэрин харыстааһыҥҥа көмөлөсүһүөхтээхпит. Саха Сирэ хайаттан хостонор айылҕа баайынан биллэр, ол иһин карьердарга, шахталарга үлэлииргэ анал тиэхиньикэҕэ наадыйабыт. Өр кэмҥэ омук массыыналарын туһаммыппыт, билигин сааҥсыйа усулуобуйатыгар, ол кыаллыбат буолла, эбиитин саппаас чаас  көстүбэт, онон Белоруссияттан тиэхиньикэни атыылаһарга холонобут. Бу көрсүһүү чэрчитинэн ити кыахтары эмиэ дьүүллэстибит, - диэн Алексей Еремеев бэлиэтээтэ. — Саха Сиригэр Белоруссияны кытта сибээһи хайыы-үйэ олохтообуппут, ол гынан баран нэһилиэнньэ араас табаардарга наадыйыытыгар экспортанан кэлэр табаардар кээмэйинэн эппиэттээбэт. Биллэн турар, кэнники икки сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна Беларусь икки ардыларыгар ас-үөл, атын да табаардар эргиирэ улаатар. Белорустар биһиги балыкпытын уонна сылгы иитиитин бородууксуйатын интэриэһиргээтилэр. Балыгы экспордаан саҕалаатыбыт. Мантан салгыы атын да эйгэлэргэ табаар эргиирин кэҥэтиигэ наадыйыы үрдүүр. Дьыалабыай пуорум чэрчитинэн Алексей Еремеев сиэссийэҕэ тыл эттэ. Спикер этиитигэр Саха Сирэ дойду саамай улахан эрэгийиэнинэн, айылҕаттан хостонор үгүс баайдаах буоларын бэлиэтээтэ. Ниэп, гаас, алмаас, көмүс, о.д.а. минеральнай ресурсалар уопсай саппаастарынан өрөспүүбүлүкэбит дойдуга бастакы миэстэни ылар.

88

Саха парламенын бэрэссэдээтэлэ Беларусь эрэгийиэнин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ бастакы докумуоҥҥа 1997 с. илии баттаммытын санатта. Оттон билигин СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтэ 2021-2024 сс. атыыга-эргиэҥҥэ, экэниэмикэҕэ уонна култуураҕа бииргэ үлэлээһиннэригэр түһэрсиллибит сөбүлэһии олоххо киирэр. Саха Сирин уонна Беларусь икки ардыларыгар 2022 сыллаахха табаар эргииригэр  35 мөл. дуолларга тэҥнэспит.

Түмүккэ Алексей Еремеев Беларусь дэлэгээссийэтигэр билигин Саха Сиригэр олоххо киирэр 1100 тахса инвестиционнай бырайыактар араас түһүмэххэ сылдьалларыгар болҕомтолорун ууралларыгар эттэ. Онон хардарыта барыстаах уонна уһун болдьохтоох бииргэ үлэлээһиҥҥэ кыах элбиир.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31