Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ол туhунан СИА иhитиннэрэр.

Ол туhунан СИА иhитиннэрэр.

Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Саха Сирин бырабыыталыстыбата толору састаабынан астаапкаҕа барда. Ѳрѳспүүбүлүкэ Конституциятынан салайтаран, маннык ис хоhоонноох ыйаахха эрэгийэн баhылыга Айсен Николаев илии баттаата.

Айсен Николаев балаҕан ыйын 27 күнүгэр дуоhунаhыгар официальнайдык киирдэ. Бу кэнниттэн, икки күн устатыгар, миниистирдэр кэбиниэттэрэ бэйэтин боломуочуйаларын устуохтаах.

Балаҕан ыйын 28 күнүттэн бырабыыталыстыба чилиэннэрэ минииистирдэр кэбиниэттэрин саҥа састааба оҥоhуллуор диэри эбээhинэстэри толорооччу статуhугар үлэлиэхтэрэ.

Икки нэдиэлэ устатыгар Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин уонна кини солбуйааччыларын дуоhунастарыгар кандидатуралары киллэриэҕэ.

СИА хаартыската туhанылынна.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21