«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сүдү экэнэмиичэскэй, энергетичэскэй кыахтаах, дойду оборуонатыгар улахан суолталаах Аартыка Арассыыйа сайдыытыгар ураты суолталааҕын этэн турар. Туһааннаах территория уратыларын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй усулуобуйаларын учуоттаан, Саха Сирин Аартыкатын түөлбэтэ ураты болҕомтону, сайдыы туһунан хайысхаларын уонна соруктарын эрэйэр», - диир Айсен Николаев.
Ил Дархан бу ыйааҕар 3 сүрүн хайысханы бэлиэтээтэ: бу түөлбэҕэ нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиини, социальнай инфраструктураны саҥардыыны, олохсуйан олорорго табыгастаах усулуобуйаны тэрийиини, итиэннэ сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйин улаатыннарыыны. Бу хайысхалары олоххо киллэриигэ бырабыыталыстыба иннигэр чопчу соруктар туруорулуннулар. Ол курдук, 2030 сылга диэри Аартыка оройуоннарын тыа хаһаайыстыбатын олохтоох бородууксуйатынан хааччыйыыны икки төгүл улаатыннарыы, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторун 60 бырыһыанын таһыынан хааччыйыы ситиһиллиэхтээх. Маны тэҥэ ордук болҕомто аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар олохторун таһымын тупсарыыга ууруллуо.
Аартыка оройуоннарыгар барыларыгар интэриниэт ситимэ, IT-кииннэр баар буолуохтара. Нэһилиэнньэни эминэн-томунан хааччыйыы бырайыага оҥоһуллуоҕа.
Маны таһынан Аартыка улуустарыгар толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэр пилотнай бырайыактара үлэлиэҕэ. Олорор дьиэни тутууга тутуу матырыйаалын тиэйии бүддьүөттэн субсидияланыаҕа. Итини тэҥэ Тиксии-Найба агломерацияны сайыннарыыга ураты болҕомто ууруллуоҕа.
Аартыка түөлбэтин туруктаах сайдыытын бырайыактыыр офиска Ил Дархан үс ыйынан 2030 сылга диэри ааҕыллыбыт-суоттаммыт бырайыактары бүтэрэллэригэр сорудахтаата.
Галина БОЧКАРЕВА
Е. Голомарева хаартыската
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0