— Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕо тѳрѳѳтѳҕүнэ бэриллэр. Кинини ылар быраап 2020 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри үѳскээбит буоллаҕына, суумата 176 084,02 солк. тэҥнэhэр. Оттон маннык быраап 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн баар буолбут түгэнигэр
232 688,47 солк. буолар. Б күҥҥэ, 2023 сылга, эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалынан 282,3 мѳл. солк. уопсай суумаҕа 1506 дьиэ кэргэн туhанна.
Оҕолоох дьиэ кэргэннэри ѳйѳѳhүҥҥэ улахан үлэни Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) 6-с ыҥырыытын норуодунай дьокутааттара ыыппыттара. Ил Түмэҥҥэ 2018 сылтан саҕалаан тэриллэн үлэлээбит дьиэ кэргэн уонна оҕо саас дьыалаларыгар сис кэмитиэт этиитинэн, үhүс уонна онтон кэнники оҕо тѳрѳѳhүнүгэр бэриллэр «Дьиэ кэргэн» ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын индексацията 2017 сыл кэнниттэн аан бастаан оҥоhуллубута. Онон эрдэ ийэ хапытаалын кээмэйэ 139 716,68 солк. эбит буоллаҕына, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 144 467 солк., оттон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хайыы үйэ 151 690 солк. буолбута.
Ону таhынан, норуодунай дьокутааттар кѳҕүлээhиннэринэн, «Дьиэ кэргэн» ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туhаныы хайысхаларын испииhэктэрэ кэҥэтиллибитэ. Ол курдук, 2019 сылтан ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын оҕоҕо уонна кинини арыаллааччыга үрдүк технологиялаах мэдиссинискэй кѳмѳнү оҥорор эмтээhин миэстэтигэр уонна онтон тѳттѳрү айанныыр бырайыастарыгар туттуохха сѳп буолбута. Оттон 2021 сылтан — чааhынай олорор дьиэни инженернэй-тиэхиниичэскэй ситимҥэ холбуурга.
2022 сылтан ийэ хапытаалын ылар быраап үhүс уонна онтон кэнники оҕолорун бэйэлэрэ иитэр эр дьоҥҥо – РФ гражданнарыгар бэриллибитэ. Аҕа бу быраабынан РФ гражданкатынан буолар, ыйыллыбыт оҕолору тѳрѳппүт дьахтар ѳлбүт түбэлтэтигэр туhанар кыахтаах.
Бу күҥҥэ, 2023 сылга, «Дьиэ кэргэн» ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын 223,3 мѳл. солк. суумаҕа барыта 1926 дьиэ кэргэн туhанна.
СѲ Баhылыга Айсен Сергеевич Николаев СѲ Бырабыыталыстыбатыгар «Дьиэ кэргэн» ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үhүс уонна онтон кэнники оҕо тѳрѳѳhүнүгэр 2 тѳгүл (300 тыh. солк. диэри) улаатыннарарга сорудахтаата.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0