Украина сэрииһиттэрэ Белгороды ытыалаабыттарын түмүгэр 24 киһи олохтон туораата, сүүстэн тахса киһи бааһырда.
«Белгородка икки ракета көмүскэлинэн туһанан, РСЗО биирдэ ытар уотунан саба түстүлэр. Онон ити быһылааны теракт диэн сыаналыыбыт. Украина сэбилэниилээх аармыйата Белгороды ытыалаабытынан сибээстээн, Арассыыйа эмиэ харданы биэриэн сөп эрээри, биһиги буойуннарбыт байыаннай эбийиэктэри эрэ урусхаллыыллар», — диэтэ Владимир Путин.
Кини өстөөх биир даҕаны саба түһүүтэ, ол иһигэр Белгороды ытыалааһын буруйдаахтары ирдэһиитэ суох хаалбатын бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0