Мария Максимова, «Сахаэнерго» юридическай управлениетын претензионнай-исковай үлэҕэ сүрүннүүр юриһа, Анастасия Округина, Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба сүрүннүүр юриһа, Александр Ошурков, Саха Сиригэр Аартыка оройуоннарын сайыннарарга эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай түмсүү чилиэнэ.
Хас биирдии хандьыдаат тылын-өһүн, үлэтигэр туох ситиһиилээҕин, инники сыаллааҕын истэн баран дьокутааттар Мария Максимованы кистэлэҥ куоластааһын быһыытынан таллылар. Кэргэнэ Анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуну көмүскүүргэ чиэстээхтик сулууспалыы сылдьарын туһунан иһитиннэрдэ, ол иһин үгүс дьокутааттар өйөбүллэрин ылла. Мария Петровна юрист идэтинэн 19 сыл устата үлэлээн кэллэ. Кини кандидатуратын «Сахаэнерго» идэлээх сойууһа киллэрбит. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннар кэргэттэрин интэриэһин көмүскүүргэ юрист быһыытынан үлэлэһэргэ бэлэмин, кинилэргэ анаан уопсастыбаннай түмсүү тэрийэр санаалааҕын биллэрдэ.
Салгыы дьокутааттар СӨ Уопсастыбаннай балаататын 22 чилиэннэрин кистэлэҥ куоластааһын быһыытынан таллылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0