Кини билиҥҥи элиитэни кэскиллээх, көҕүлүүр уонна патриоттуу санаалах ыччатынан солбуйар кэм тосхойбутун бэлиэтээтэ уонна дойду бэрэсидьиэнэ Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар баар буолууларыгар усулуобуйаны тэрийэр туһунан этиитин санатта.
-Кинилэр эрэллээх, тургуутулары ааспыт, бэриниилээх дьон. Онон олус улахан бэлитиичэскэй суолталаах хардыы оҥоһулунна. Салайар хамаанданы социальнай уонна духуобунай-сиэрдээх-майгылаах саҥардыы - биһиги Аҕа дойдубут бары хайысханан инники диэки түргэнник хардыылыырын мэктиэтэ буолуоҕа. Дойду лиидэрэ Арассыыйа иннигэр “сайдыы саҥа эргиирэ” күүтэр диэн уопсастыба иннигэр дойду инники уобараһын көрдөрөн, чопчу соруктары туруорда.
Биһиги стратегическай кимиини оҥоруохтаахпыт. Ол түмүгүнэн Арассыыйа аан дойду технологическай, экэнэмиичэскэй уонна социальнай прогреһын лиидэрдэрин ортотугар халбаҥнаабаттыы бигэтик киириэхтээх, -диэтэ бэрэссэдээтэл.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0