Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Мария Антонова Ил Түмэн тэриллиэҕиттэн аппараакка үлэлии сылдьар, кэлэктиипкэ ытыктанар, уопуттаах үлэһит, эдэр дьоҥҥо үтүө сүбэһит. Кини география учуутала үөрэхтээх эрээри, оскуолаҕа үлэлээбэтэҕэ. Дьокуускайга хомсомуол обкомугар үлэлии сырыттаҕына, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Үрдүкү Сэбиэккэ ыҥырбыта, онно дьону приемнуурга, сурукка эппиэттииргэ үлэлээбитэ.

Мария Антонова Ил Түмэн тэриллиэҕиттэн аппараакка үлэлии сылдьар, кэлэктиипкэ ытыктанар, уопуттаах үлэһит, эдэр дьоҥҥо үтүө сүбэһит. Кини география учуутала үөрэхтээх эрээри, оскуолаҕа үлэлээбэтэҕэ. Дьокуускайга хомсомуол обкомугар үлэлии сырыттаҕына, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Үрдүкү Сэбиэккэ ыҥырбыта, онно дьону приемнуурга, сурукка эппиэттииргэ үлэлээбитэ.

Онтон Ил Түмэн тэриллиэҕиттэн уопсай отделга, аппараат салайааччытынан, солбуйааччытынан лоп курдук 30 сыл араас тэрээһиннэри ыытарга, хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарарга үлэлээн кэллэ. Билигин Ил Түмэн аппараатын салайааччытын сүбэһитэ, бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта.

Бэтэрээннэр сэбиэттэрин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков көҕүлээһининэн тэрийбиттэрэ. Бу түмсүүгэ 62 киһи баар, манна урут бастайааннай үлэҕэ 5 сыл үлэлээбит, Ил Түмэнтэн биэнсийэҕэ барбыт дьокутааттар, аппараакка 10 сыл үлэ ыстаастаах, онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт дьон киирэллэр.

Бэтэрээннэри Кыайыы уонна Аҕам саастаах дьон күнүгэр ыҥыран, Ил Түмэн салалтатын, дьокутааттары кытта көрсүһүү тэрийэллэр, дьиэҕэ олорор дьон ким туох кыһалҕалааҕын быһаарсаллар, көмө оҥороллор. Ону таһынан, Саҥа Дьылга эҕэрдэлииллэр, Ыһыахха, өрөспүүбүлүкэ бары тэрээһиннэригэр ыҥыртыыллар. Бэтэрээннэр сэбиэттэригэр Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэллэрэ Люлия Григорьева, Климент Иванов о.д.а. бааллар. Бэтэрээннэр сэбиэттэригэр урукку дьокутааттар сүүрбэччэлэр, кинилэр эдэр көлүөнэҕэ сүбэ-ама буолаллар. Кырдьаҕас бэтэрээн олохтон туораатаҕына, чугас дьонугар харчынан көмө оҥоһуллар.

f7819c82 cb78 4b0b 8529 408b6c6240f3

«Аан бастаан Ил Түмэҥҥэ үлэлии кэлэрбэр туһунан дьиэбит суох этэ. Ол иһин икки балааталаах парламент маҥнайгы ыҥырыытын дьокутааттара Бырабыыталыстыба дьиэтин иккис этээһигэр олорон үлэлээбиттэрэ. Онтон дьокутааттар туруорсууларынан Михаил Николаев 1994 с. Ярославскай уулуссаҕа турар туһунан дьиэ биэрбитэ. Үлэһиттэри кытта бэйэбит субуотунньуктаан, бөҕү-сыыһы хомуйан, үлэлиир сирбитин тэриммиппит.

Бэтэрээннэрбитин кытта быйыл алтынньы 4 күнүгэр көрсүөхпүт. Кинилэр «Ил Түмэн» хаһыаты суруттаран ааҕаллар, уопсастыбаҕа туох буола турарын, ханнык сокуон тахсарын барытын билэллэр, этиилэрин киллэрэллэр, санааларын этэллэр. Хас көрсүһүү аайы кинилэр тугу эппиттэрин барытын устабыт, устуоруйаҕа тиһэбит, тэрийэр салаа управлениета ону көрөн анаалыстыыр.

Күн бүгүн Ил Түмэҥҥэ эдэр эрээри уопуттаах, үлэһит дьон кэлэллэр. Парламент тэриллиэҕиттэн баччааҥҥа диэри өр кэмҥэ үлэлээн кэлбиппэр туох да кистэлэҥ суох, дьон сиэринэн үлэлии сылдьабын», - диэн сэмэйдик этэр Мария Яковлевна.

Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.

  • 12
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением